Телефон:
Адрес:
1-4olimpiada.ykt@mail.ru

“Букубаар, быраһаай!” тэрээһин сценарийа

В.С.Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолата
алын сүһүөх оскуола учуутала
Андреева Екатерина Гаврильевна
Кытаанах нэһилиэгэ, Чурапчы улууһа
 
Дорҕоонтон буукуба таһааран,
Буукубаттан тыл оҥорон,
Аахтыбыт биһиги суругу,
Бүтэрдибит букубаары.
Үтүө күнүнэн күндү оҕолор, төрөппүттэр, ыалдьыттар!
Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн.
Киэҥ суолга сирдээбит
Кэпсиир кэрэ Букубаар
Ааҕар буола үөрэммит
Букубаарбытын бутэрдибит,
Билбэтэхпитин билэммит
Билиибит-көрүүбүт үрдээтэ.
  Балаҕан ыйыттан саҕалаан, ааҕарга суруйарга үөрэнэн кэллибит. Онтон бүгүн номнуо букубаарбыт кинигэтин бүтэрэн быраһаайдаһар күммүт үүннэ. Мантан ыла эһиги бэйэҕит сөбүлээбит кинигэлэргитин ааҕа сылдьыаххыт. Кинигэ биһиэхэ элбэҕи кэпсиир, элбэххэ үөрэтэр. Элбэх кинигэ аахтаххына, үгүһү өйдүөҥ, элбэҕи билиэҥ.
-Күндү оҕолор, убаастабыллаах төрөппүттэр! Балаҕан ыйын 1 кунугэр 9 кырачаан үөрэнээччи Кытаанаахха орто оскуолатыгар, билии-көрүү аартыгын арыйан, уһун-киэҥ суолга турунан, үөрэнэ киирбиттэрэ. Кинилэр 7 саастарын туоланнар, саҥа суумка сүгэннэр оскуола диэн дьиэҕэ, Билии дойдутугар айаҥҥа туруммуттара, үөрэнээччи үрдүк аатын сүкпүттэрэ.
   Дьэ, маҥнайгы үөрэххэ ыҥырбыт кинигэбитин, букубаары кытта быраһаайдаьар күммүт үүннэ. Олох соторутааҕыта кырачаан дьоннорбут оскуола боруогун атыллаан маҥнайгы кылааска үөрэнэ кэлбиккит. Оттон билигин көрүҥ эрэ, хайдах курдук биһиги оҕолорбут улааппыттарый, уларыйбыттарый. Бу манна барытыгар эһиэхэ көмөлөстө, эһигини ааҕарга, суруйарга үөрэттэ, элбэх билиини ыларга кынаттаата маҥнайгы кинигэҕит «Букубаар». Бастакы доҕоргутунан, ааҕарга, суруйарга үөрэппит кинигэҕитинэн Букубаар буолбута. Ханнык баҕарар киһи бу билиигэ-көрүүгэ уһуйбут кинигэтин «Букубаарын» хаһан да умнубат. Эһиги эмиэ үйэ-саас тухары умнубаккыт буолуо дии саныыбын. Букубаар биһиэхэ араас сөбүлүүр кинигэлэрбитин ааҕарбытыгар олук уурда, кыах биэрдэ.
Билигин биһиги оҕолорбут хоһооннорун ааҕыахтара.
(монтаж)
Киирбиппит биһиги оскуолаҕа
Балаҕан ыйын бастакытыгар.
Бары суумка сүгэммит
Үөрэнээччи буолбуппут.
Биһиги ааҕар буолан
Букубаары бүтэрдибит.
Махтал баһыыба тылларын
Бастыҥ атаспытыгар
Бастакы кинигэбитигэр
Букубаар барахсаҥҥа этэбит.
Маладьыастар!
Бастакы кинигэбит
Букубаар барахсан.
Үөрэппит өҥөҕүн
Өрүүтүн өйдүөхпүт.
Баһыыба, баһыыба
Букубаар барахсан.
Ааҕарга, суруйарга үөрэппит
Букубаарбыт барахсанныын
Быраһаайдаһар буоллубут
Онно туохха үөрэммиппитин
Бары санаан ылыаҕыҥ.
 (хоһооннорун ааҕаллар)
 
А – мин “А” диэни билэбин
Үөһэ өттө уһуктаах,
Алын өттө атахтаах,
Ортотунан туорайдаах.
 
О – олбуорга ооҕуй оҕус
Олус да улахан
Ооҕуй ороҕун оҥорбут
Ортотугар олорон
Одуулуур, маныыр эбит.
 
Мин “О” диэни билэбин,
Оҕуруо курдук төкүрүк,
Оҕурсу курдук бөкүнүк,
Уобуруччу курдук төгүнүк.
 
Ө – өгүрүк төгүрүк көрбүт
Өрүү сэргэх бэйэлээх
Өлүүтүн аһын ылаары
Тииҥчээммит эмиэ кэлбит.
 
У – уһуом, улаатыам
Улахан киһи буолуом,
Үлэһит бэрдэ дэтиэм
Удьуорбун салҕыам.
 
Ийэм тигэр туоһунан
Ыаҕыйаны, тууйаһы,
Сайын кэлиэ сотору
Отоннуохпут дии бары.
 
 Үчүгэйдик үөрэниэҥ,
Өрүү биэһи эн ылыаҥ
Үгүс элбэх билиилэниэҥ,
Туйгун оҕо аатырыаҥ.
 
Хаатыҥкабын кэтэммин
Тоҥуу хаары кэһэбин,
Хайдахтаах да тымныыга
Тоҥор диэни билбэппин.
 
Өйдөрөйдүүн биһиги
Өрүү бииргэ сылдьабыт,
Өрөбүлгэ күөгүлүү,
Өнөр күөлгэ барыахпыт.
 
Петя, Паша уонна мин
Паровозтаан оонньуубут,
Петя буолла-паровоз,
Паша биһиги вагоммут.
 
 Ё бу Е диэн буолбатах
Ёжик тахсар киниттэн,
Ё-бут Е-ттэн атына
Туочукалаах төбөтө.
 
Флажокпун ыламмын
Парадка мин тахсыаҕым,
Флажогум тэлээриэ,
Факел буолан умайыа.
 
Яша, Паша парадка
Шариктарын туппуттар,
Шариктара араастар,
Дьүһүннэрэ да атыттар.
 
С – самаан сайын буолан
Сибэккинэн симэннэ,
Сир дойдум тулата
Сыһыыалаас барыта.
 
К – куукулабын таптыыбын,
Кууһан олороммун
Кулгааҕар ыллыыбын,
Куукулабын утутабын.
 
Х – хааһынан аһаабыта
Ханна барыай?
Хааспыт уойбут,
Хаамара бытаарбыт.
 
Т – тоҥуу хаары тобулаан
Тобукпар дылы түстүм,
Тобус толору хаартан,
Түөрэҥнээн дьэ таҕыстым.
 
В – Валя вафлятын бүтэрэн,
Ваняны “бэрис” диир,
Көҥөс Ваня бэрсибэт,
Көҥөс буолар куһаҕан.
 
Ц – цаца цапля
Уһун атах, уһун тумус.
Баҕаны туппут,
Тотор буолбут.
  -  Оҕолорбут хоһооннорун наһаа үчүгэйдик аахтылар, ытыспытын таһынан биэриэҕиҥ. Билигин тылы биэрэбин оскуолабыт библиотекарыгар Ирина Николаевнаҕа (библиотекарь оонньуута)
Дьэ, эрэ оҕолор, Букубаарбыт эһиэхэ бэйэтин сорудахтарын толортороору кэлбит.
Букубаарбыт сорудахтарын толорорго бэлэмҥит да?
(оҕолор эппиэттэрэ)
Дьэ, саҕалыыбыт.
1 сорудах – буукубаны киэргэтии
2 сорудах – тыллары таһаар
3 сорудах –тылларга оонньуулар
Букубаарбыт кэпсээннэрин олус сөбүлээн аахтыбыт.
1.Күөх буруо унаарар (Мэхээс).
2.Кини сытыы-хотуу уолчаан (Чөөчө).
3.Кини хасааһа ханна баарын чуо билэр ( тииҥ).
4.Эбээм эрэйдээх сынньаннын диэтэ- Тима (Аргыый).
5. Куоска алдьатта диэххэ? Биитэр бэйэтэ алдьанна диэххэ дуу? (Чааскы)
6.Кини дьиэ тутааччы. Дьикти үчүгэй таас дьиэлэри тутар. (Удьуор уустар).
7.Саха норуотун уһулуччулаах поэта, суруйааччыта. Төрөөбүт төрүттэрэ ойуун уустара диэннэр-Таатталар.(Платон Алексеевич Ойуунускай).
8.Вагоҥҥа бэйэтэ олорбут, вагоҥҥа атаһын олорпут(Аввакум атаһа).
 Төрөппүттэргэ ыйытыктар
-Букубаар хас страницалааҕый- 95 стр.
-А дорҕоон хаһыс страницаҕа баарый- стр15.
-Дорҕоону көрдөрөр бэлиэ (фишка).
-Оҕо сурунаала (Чуораанчык).
-Оҕо бастакы кинигэтэ (Букубаар, Азбука)
-Тулалыыр эйгэ (Айылҕа)
-Эйэ чыычааҕа (холууп)
-“Дьикти саас” автора (Далан)
-Төгүл таблицата (Пифагор)
-Улуус уруккута (оройуон)
-Саха эпоһа (олоҥхо)
-Саха бастакы летчик дьахтара (Вера Захарова)
-Үөрэх быыһыгар сынньалаҥ (каникул)
 
Оҕолоор, эһиги оскуолаҕа тугу илдьэ сылдьаргытын төһө билэргитин билигин билиэхпит:
 
Уруучуканан суруйарга бэлэмниибит биһиги… (тэтэрээт)
Ким эһиги альбомҥутун  араас өҥүнэн  кырааскалыай … (харандаас)
Уруучука, харандаас угарбар, куруук илдьэ сылдьабын… (пенал)
Көнө-токур көнөнү, сөпкө көнө тардарга, көмөлөһөр биһиэхэ… (линейка)
Сорудаҕы суруйан, төрөппүттэргэ тириэрдэр, халыц хахтаах… (дневник)
Элбэх сонун кэһиилээх, дьикти араас кэпсээннээх, уһун-кылгас хоһооннордоох, суруйарга сорудахтаах… (букубаар)
 
-Букубаарбыт наһаа үөрбүт уонна эһиэхэ бу хоһоону аныыр. Ону өйдөөн истэбит.
Таптаан миигин аахтыгыт,
Таабырыммын таайдыгыт,
Аны араас кинигэни
Ааҕа сылдьыҥ эһиги.
Умсугуйан үөрэниҥ,
Оскуоланы бүтэриҥ,
Ол эрээри бука бары
Умнаайаҕыт букубаары!
Диэн баҕа санаабын этэн туран, үөрэнээччилэрбэр, оҕолорбор бу туоһу суруктары туттарыахпын баҕарабын.
Туоһу сурук туттарыллар Кытаанах орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитигэр
__________________________________
   Саха алпаабытын 40 буукубатын билэн, ааҕарга үөрэнэн “Букубаары” ситиһиилээхтик түмүктээбитинэн. Ааҕааччы буолбуккунан эҕэрдэлиибит!
Учууталыҥ _________________
(туоһу суруктары туттарыы)
Уонна өссө кыһанан үөрэнэргитигэр, элбэҕи ааҕан билиигит күн аайы элбээн иһэригэр
баҕарабын.
Эн биһиэхэ биэрдиҥ билиини,
Эн биһиэхэ үүннэрдиҥ кынаты,
Онтон биһиги аахтыбыт
Атын араас кинигэлэри.
Букубаарбыт барахсан, баһыыба,
Баһыыба бары үчүгэйгэр,
Үчүгэй кэпсээҥҥэр, сэһэҥҥэр
Үчүгэй хоһооҥҥор, ойуугар!
Манан бүгүҥҥү бырааһынньыкпыт  түмүктэнэр.
Биһиги үөрүүбүтүн үллэстэ кэлбиккитигэр, күүс көмө буолбуккутугар махталбын тиэрдэбин.
Отзывы
Идея создания сайта мне очень понравилась. Данный сайт позволяет организовать дистанционное творческое сотрудничество с другими педагогами и обучающимися. Ещё одно преимущество сайта - то, что задания и конкурсы проводятся на двух языках – русском и якутском. Желаю успехов в работе сайта!
Боярова Людмила Андреевна – заместитель директора по воспитательной работе МОБУ СОШ №12 г. Якутска, Отличник образования РС(Я)
Боярова Людмила Андреевна – заместитель директора по воспитательной работе МОБУ СОШ №12 г. Якутска, Отличник образования РС(Я)
Сайт полезный, познавательный для детей и педагогов. Обращает внимание его практическая направленность. Разделы сайта грамотно подобраны, интересны. Большой выбор олимпиад и конкурсов на якутском и русском языках. Хорошая возможность детям проверить уровень знаний по предметам, а педагогам - обмениваться материалами в альманахе "Я - педагог". Желаю процветания и достижения всех ваших целей!
Григорьева Дария Васильевна - учитель начальных классов, Почётный работник общего образования РФ, г. Нюрба
Григорьева Дария Васильевна - учитель начальных классов, Почётный работник общего образования РФ, г. Нюрба
Сайт дистанционных олимпиад и конкурсов обеспечивает сознательное и активное участие школьников в процессе обучения в школе и полное освоение учебного материала. Здесь организуется творческая работа с педагогами и обучающимися. Желаю удачи во всех начинаниях!
Винокурова Екатерина Ивановна - Кандидат педагогических наук, автор учебных пособий «Культура народов РС(Я)», «Уран тарбах кистэлэҥэ», «Уроки предков» и др.пособий.  Ведущий научный сотрудник ФГБНУ "Институт национальных школ РС(Я)
Винокурова Екатерина Ивановна - Кандидат педагогических наук, автор учебных пособий «Культура народов РС(Я)», «Уран тарбах кистэлэҥэ», «Уроки предков» и др.пособий. Ведущий научный сотрудник ФГБНУ "Институт национальных школ РС(Я)
Ситуация с коронавирусом отрезала нас от мира. Чем вы занимаетесь во время самоизоляции? А я открыла для себя очень полезный, мотивирующий сайт, который предлагает детям попробовать свои силы, знания и умения в различных конкурсах и олимпиадах. Уверена, что и для себя вы найдете там много интересного и увлекательного. Для успешного повышения категории и аттестации педагогов отлично подходит размещение методических материалов в электронном альманахе «Я – педагог». Успехов Вам и Удачи!
Скрябина Ульяна Егоровна - Отличник гражданских инициатив РС (Я), режиссер-сценарист, организатор благотворительных мероприятий, акций концертов, председатель ОО "Многодетная семья Якутии"
Скрябина Ульяна Егоровна - Отличник гражданских инициатив РС (Я), режиссер-сценарист, организатор благотворительных мероприятий, акций концертов, председатель ОО "Многодетная семья Якутии"
Большое спасибо организаторам такого хорошего сайта. С радостью принимаем участие в каждой олимпиаде! Заранее готовимся к олимпиадам, по итогам которых наши дети занимают призовые места, получают красочные дипломы, пополняют свое портфолио. У детей появляется уверенность в своих силах, познавательная активность, высокая мотивация. Очень понравился проект "Электронный альманах", тут есть много полезного, особенно для молодых учителей, которые учатся у своих более опытных коллег, тут богатый материал, учителя щедро делятся своим опытом, за это отдельное спасибо! Ведь все мы были когда-то начинающими педагогами, жаль что в то время не было такого полезного, тщательно продуманного сайта. От имени моих коллег, учеников и их родителей говорю слова благодарности за ваш труд, за желание развивать наших детей и нас учителей!

С уважением, Соловьева Анна Ивановна, учитель начальных классов.
Сейчас, когда идет эра интернета, каждый из нас погружен в эту паутину. И в этой паутине нужны познавательные сайты, где ученик самостоятельно сможет проверить свои знания, силы. Это хоть маленький, но опыт. Участие в дистанционных олимпиадах и занятия в тренажерах придают уверенности ученику. При дополнительной подготовке к олимпиадам повышается уровень знаний, также возможно и вспоминается даже что-то слегка забытое, и если по итогам хороший результат - повышается самооценка школьника. И даже если не очень хороший итог, то он тоже полезен, так как является стимулом укрепить свои знания. Считаю, что ваш сайт этому и способствует. Отрадно, что в сайте можно и педагогам поделиться своим опытом педагогической деятельности. Желаю дальнейшего процветания вашей команде!


Николаева Мария Андреевна – учитель начальных классов МБОУ «Антоновская СОШ им.Н.Н.Чусовского» Нюрбинского района, Отличник образования РС (Я), Почетный работник воспитания и просвещения РФ.
Оксана Аммосовна, наһаа үчүгэйдик тыырыллан, тэриллэн оҥоһуллубут олус интэриэһинэй сорудахтаах олимпиадаҕыт түмүгэ тахсыбытынан эҕэрдэлиибин уонна улахан махталбын биллэрэбин.
Биһиги кылаас оруобуна үөрэх дьылын түмүктүүр тэрээһинигэр түбэспитэ олус үчүгэй бэлэх буолар буолла.
Сыралаах үлэҕит өссө таһаарыылаах, өссө элбэх кыттааччылаах буоллун! Сайын кэлбитинэн, күөххэ үктэммиппитинэн!
Бары үтүөнү баҕарабын!🙋🏼‍♀️🥰🙌🏻🙏🏻🙏🏻🙏🏻
Поскачина Валентина Семеновна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №39" ГО "Город Якутск"
Поскачина Валентина Семеновна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №39" ГО "Город Якутск"
Ваш сайт - незаменимый помощник на уроках, при подготовке к олимпиаде. Для ребят все конкурсы, олимпиады - отличная умственная тренировка и соревнование! Планируем и в дальнейшем принимать участие. Спасибо вам большое!
Алексеева Евдокия Николаевна - учитель начальных классов Нюрбинской СОШ №1, Отличник образования РС(Я)
Алексеева Евдокия Николаевна - учитель начальных классов Нюрбинской СОШ №1, Отличник образования РС(Я)
Олимпиадаҕа кыттан астынныбыт, миэстэлэһэн үөрүүбүт улахан. Махтал тэрийээччилэргэ!

Соломонова Вера Семеновна учитель начальных классов МБОУ "Оленекская СОШ имени Х.М. Николаева"
Выражаю огромную благодарность организаторам сайта. С радостью принимаем
участие в каждой олимпиаде! Желаю дальнейших успехов!

Саха политехнический лицей.
Петрова Вера Панфиловна, учитель начальных классов.
Здравствуйте! Спасибо большое за дипломы. Дети очень рады. Желаем вам здоровья, дальнейших успехов в работе!

Слепцова Мария Ильинична, учитель начальных классов, с. Хонуу Момского района
Здравствуйте! Благодаря вашему тренажёру мой сын за несколько дней выучил всю таблицу умножения. Теперь будем учить словарные слова.

Мама Артёма Иванова Мари, г. Якутск
Здравствуйте, уважаемые организаторы семейной олимпиады по английскому языку.
Рады принять участие в республиканской семейной олимпиаде по страноведению. Получила положительные отзывы от родителей и учеников об олимпиаде.

С уважением,
Зинаида Шестакова
Добрый день! Спасибо организаторам за проведение дистанционных олимпиад во время дистанционного обучения! Очень рады, что наша дочка участвовала и заняла 1 место. Вам процветания, успехов!


Анастасия Бурнашёва – родитель.
Очень хорошие олимпиады. Задания соответствуют возрасту ребенка. В такое время, когда все сидим на самоизоляции, такие олимпиады очень нужны.

Бурнашева Галина Федосеевна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №38" г. Якутска
Дорооболоруҥ! Бу сайт олус интэриэһинэй, араас конкурстар, олимпиадалар тахсаллар. Мин оҕолорбун астына кытыннарабын. Инникитин куруук бииргэ буолуохпут. Улахан махталбын тириэрдэбин, сайда-үүнэ туруҥ!

Ульяна Николаевна Колесова, алын кылаас учуутала, А. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата
Здравствуйте, уважаемые организаторы олимпиады!
Спасибо большое за ваш труд и вклад в развитие наших детей!
Вопросы были очень интересные и познавательные.

Успехов вам!
Всего вам доброго,
С уважением, Марианна Вивиерс, родитель.
Здравствуйте!
Спасибо огромное за проведение олимпиады и своевременную рассылку дипломов!


С ув. Матильда Портнягина, учитель начальных классов, г. Якутск
Спасибо огромное за олимпиаду и за красочно оформленные дипломы

С уважением, Екатерина Парникова, МБОУ "Мюрюнская СОШ №1 им. Г.В.Егорова", Усть-Алданский улус (район)
Здравствуйте! Спасибо большое за интересные и полезные задания. Желаем дальнейших успехов и будем рады сотрудничеству.

С уважением, Зинаида Артёмовна Ядреева, учитель начальных классов, Намский район.
Спасибо, очень рада нашему сотрудничеству!

Васильева Матрёна Иннокентьевна, учитель начальных классов, Сунтарский улус
Какой успех! Какая радость! Спасибо большое за олимпиаду, мы очень рады! 🥰🌹👏👍
Кириллина Мария Михайловна, учитель начальных классов, с. Дикимдя, Горный улус
Выражаем огромную благодарность за Ваш труд, спасибо!

С уважением коллектив 4 класса МБОУ Сасыльская СОШ

Все материалы, находящиеся на сайте, охраняются в соответствии с законодательством, в том числе, об авторском праве и смежных правах

Адрес:
1-4olimpiada.ykt@mail.ru