Ядрихинская Яна Михайловна,
алын кылаас учуутала,
МКОУ «Көбөкөн орто оскуолата»,
«Нам улууһа» МТ, Харыйалаах с.
Сыала: Билиҥҥи кэмнэ о5о суолга сэрэхтээх буолуута уһулуччу суолталаа5ын төрөппүккэ өйдөтүү.
Соруктара: О5о уулусса5а сэрэхтээх буолуутун быраабылатыгар төрөппут интэриэһин тардыы, көмөлөлөһүү;
О5отун бэйэтин холобурунан иитэрин чопчулааһын.
Суолга тахсар араас ситуациялары ырытыы.
Туттуллар тэриллэр: хартыына, цветной төкүнүктэр, карточка, мээчик.
1.Тэрээһин
Үтүө күнүнэн төрөппүттэр!
Бугун мин эьиэхэ, тереппуттэргэ суол быраабылатыгар тренинг ыытыам. Билинни кэмнэ техника арааьа элбээбитинэн о5олорбут суолга уьулуччу сэрэхтээх буолуохтаахтар, бэйэтин тус оло5ор эппиэтинэстээхтик сыьыаннаьарыгар иитиэхтээхпит.Уксун суолга сатыы киьи буруйуттан суол саахала тахсар. Онон о5о суолга сэрэхтээхтик сылдьыы сурун быраабылаларын учугэйдик билиэхтээх.
Беле5унэн улэлиэххит. Бу бастакы белех ,бу иккис. Бары субэ5итин холбоон улэлииргитигэр ынырабын
1 туьумэх.
- Алын кылаас о5ото бэйэтэ оскуола5а барар-кэлэр. Кини суолга сэрэхтээхтик сылдьыы ханнык сурун быраабылаларын билиэхтээ5ий? (беле5унэн кластерга субэлэьэн суруйан ыйыыллар, быьаараллар)
1. Сатыы киьи сылдьар суолунан (тротуарынан) эрэ сылдьыахтаах
2. Тротуар уна еттун тутуьан, уулусса5а бытааннык хаамыллыахтаах.
3. О5о суолу туорууругар суолга транспорт суо5ун, ханас,уна керен эрэ баран суолу туорууру билиэхтээх.
4. Светофор сигналларын билиэхтээх.
5. Сорох суол бэлиэлэрин: «Тохтобул кенуллэммэт!», «Сэрэнин о5олор!», «Суол биир эрэ еттунэн сылдьыы» уо. д. а.
6. О5о суолга оонньуо суохтаа5ын ейдуехтээх.
Тумук: Суруйбуттарын этэ-этэ ыйыыллар.
2 туьумэх.
Оонньуу «Уулусса5а ситуациялар»
Белехтерге карточкалар бэриллэллэр. 1 мин субэлэьэ5ит
1 белех карточката. Уол ийэтинээн уулусса кытыытынан баран иьэллэр. Суол ненуе еттугэр о5о табаарыьын керен онно суурдэ.
Боппуруос 2 белеххе: Ийэ бу тубэлтэ5э туохха сыыста?
(Оруолларынан кердереллер: Ийэ, а5а, о5о. Онтон атыттар айаннаан иьэр транспорт буолаллар) Ийэ о5отун сиэтэн иьиэхтээх. 2 белех бол5ойон керер.
2 белех карточката. А5а о5отун кытта тротуарынан баран иьэллэр. О5о илиитигэр мээчиктээх. Мээчик суолга текунуйдэ о5о эккирэттэ.
Боппуруос 1 белеххе: А5а бу тубэлтэ5э туохха сыыста?
(Оруолларынан кердереллер: А5а, о5о. Онтон атыттар айаннаан иьэр транспорт буолаллар). 2 белех бол5ойон керер.
Ырытыы.
Тумук:
Тереппуккэ субэлэр: (Презентация)
-
Оҕоҕо суол бэлиэлэрин өйдөтүҥ;
-
Бэйэҕит холобургутунан иитиҥ. Өйдөө! Эһиги суол быраабылатын кэһэр буоллаххытына оҕоҕут эмиэ кэһиэ.
-
Суолу туорууругар оҕо хаҥас, уҥа көрөр үөрүйэҕин кытаанахтык иҥэрин.
-
Суол чугаһынан оонньууну бобун.
-
Оҕо оскуолаҕа барар суолугар ханан кутталлаах суол баарын чопчулаан.
Тереппуттэр о5олоргут суолга сэрэхтээхтик сылдьалларын туьугар элбэхтик суол быраабыларын уерэтин, такайын диэн «О5о суолга сэрэхтээхтик сылдьыы сурун быраабылалара» памятканы туттарабын.