Телефон:
Адрес:
1-4olimpiada.ykt@mail.ru

Методическай көмө. “Саха айымньыларыгар оҕолору оруолунан оонньотуу”.

Федорова Екатерина Михайловна,
алын кылаас учуутала,
Сиинэ орто оскуолата, Сиинэ
Ханалас улууhа, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ
Киирии тыл.
          Саха кылааһын оҕолоругар араас тэрээһиннэргэ сценкалар наада буолаллар.Сахалыы остуоруйаларга уонна саха суруйааччыларын кэпсээннэригэр кэпсэтии тыла суох кэриэтэ буолар, ол оннугар көннөрү хайааһыннары ойуулааһын түгэннэрэ баар буолаллар.Мин бэйэм сатыырбынан итинник кэпсээннэри диалоговай кэпсэтиилээх оҥорон, оҕо өйдүүрүгэр сөп гына пьеса курдук суруйан биэрэбин.Оччоҕо оҕо ордук сөбүлээн оруолу толорор, элбэх да оҕо кыттар.Куолас уларыйыытын, туттууну- хаптыыны бэлиэтээбэтим.
 
Дьэрэкээн о5олор.
Сахалыы остуоруйа.
Оонньуур оҕолор: Алаа Моҕус, уол, кыыс .(Автор тыллара харанан сурулуннулар.)
 
           Былыыр- былыр биир алааска тулаайах уоллаах кыыс олорбуттара үһү.Кинилэр олус эйэлээх, доҕордуу эбиттэр.Чугастааҕы ыаллара кинилэри “дьэрэкээн оҕолор” диэн ааттыыллара. Дьэрэкээн оҕолор куну быһа оонньоон тахсаллар, биир баар –суох тарбыйахтарын көрөллөр.
          Арай биир күн идэлэринэн тарбыйахтарын уулатан, күөх отунан аһатан баран, оонньуу сылдьыбыттар.Эмискэ аан аһылла биэрбит.Сүүһүн ортотугар улахан биир харахтаах, суон илиилээх, кылгас атахтаах, балаҕан дьиэ саҕа бэйэлээх биирдэ дьиэ ортотугар баар буола түспүт.
  Моҕус.     -  Мин эһигини сии кэллим,аппыт айахпар  киирэ охсуҥ.
  Оҕолор.   - Тохтуу түс , тойоммуот!Таҥараҕа үҥэ түһүөхпүтүн көҥүллээ.
  Моҕус.     - Чэ, чэ!Аччыктаан ыксаатым, сыалаах эти сиэбэтэҕим сыл биэс хонно.
  Оҕолор.   -  Пахай да биһиги олох көтөхпүт!Уойдахпытына сиэр.
 Моҕус.       - Ол тугу сиэн уойагыт?
  Оҕолор.    - Тарбыйахпытын сиэхпит, оччого уойуохпут,улаатыахпыт.
 Моҕус .      - Дьэ, бэдиктэр, күрээн хаалаайаххыт.Уон хонугунан кэлиэм.
         Оҕолор тоҕус күнү быһа от охсон, тарбыйахтарын дэлби уоттулар, онус күнүгэр өлөрөн сиэтилэр.
     Кыыс.     - Убаай, тарбыйах ханнын сааҕын холуодага кутуохха.
      Уол.       - Оччоҕо холумтан буоругар туруйа сымыыттарын көмүөххэ.
     Кыыс.     - Убаай,уһааттаах ууга тыыннаах сордоҥу угуохха.
     Уол.       - Ороммутугар тарбыйах тириитэ суорҕан аннынан тоһоҕо  саайыахха.
      Кыыс.   - Чэ, бутүөххэ, убаай, иккиэн саһыахха.
     Уол.        - Бу тиит мас анныгар тааста кутуохха.
      Кыыс.   - Бэйэбит тиит урдугэр тахсыахха.Мэ, бу дүҥурү тут, үөһэ тахсыах.
        Күн ортотун саҕана сыыгынаан-хаахынаан, уһуутаан-ыһыытаан Аҥаа Моҕус иһэрэ көстүбүт.Дьиэ иһигэр киирэн иһэн ньиччэҕэй  тарбыйах ханнын сааҕыттан халтарыйан өттүгүн тосту түһэн кэбистэ.
Моҕус.   -Айкабыан, оҕолоор, өттукпун тосту түстүм.
       Туран иһэн бүдүрүйэн  холумтаҥҥа баар туруйа сымыытын тэһэ баттан, илиитин барытын сиэттэ.
Моҕус. -Абытайбыан, аны илиибин сиэттим.
              -Хата бу тымныы ууга угуохха.
            - Ай-йыа, аны манна тыыннаах сордоҥу укпуттара, илиибин хапта.
              -Һуу!Бу туох ааттаах алдьархайай!-оронно лах гына олоро түспүтэ тоһоҕоҕо кэннин барытын букатын бүтэрдэ.
Моҕус.    - Оҕоло-О-оор!Ханна бааргытый
 Оҕолор. -ООО- ой!
       Алаа Моҕус таһырдьа ыстанна.
Моҕус.     -Дьэ, бэйикэй!Тутан сиир инибин!
 
Тииккэ ыттан эрдэҕинэ оҕолор дуҥүрү сырайыгар бырахтылар.Ону оҕо тустэ диэн хабан ылаары, тааска хоолдьугун тосту туһэн өлөн хаалбыт.Дьэрэкээн оҕолор тииттэн туһэн, үөрэн-көтөн, оонньоон барбыттар.
 
 
Тимофей Егорович Сметанин  оҕо суруйааччытын  быһыытынан  эмиэ биллибитэ. Оҕолорго анаан кини  “Күөрэгэй”, “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” уонна “Куоска олоҥхото” диэн айымньылары суруйбута.Тимофей Сметанин 100 сааһын туолуутун бэлиэтээһиҥҥэ үһүс кылаас оҕолорун  тэрээһиҥҥэ “Куттас доҕор”кэпсээни маннык сценарийдаан кытыннарбытым.
 
Куттас до5ор.
Тимофей Сметанин.
Оонньуур оҕолор:автор, бастакы булчут, иккис булчут.
 
           Автор. Биһиги  иккиэ буолан  Дьааҥы тэллэҕэр бултуу сылдьыбыппыт.
Бастакы булчут.        -Тугуй ити?
Иккис булчут. -Сэксэ.Адьырҕа кыыл арҕах хастыбакка манна кыстыыр.Көрөҕүн,барыта муус кыһаан буолбут. Маннык кыстаабыт кыыл үксэ куйахтаах буолар. Ол аата түүтэ мууһуран,кэлимсэ муус куйах буолар.
 Бастакы булчут.       - Оо, ону хайдах бултуубут?
Иккис булчут.     -Эн эһэ таҕыстар эрэ саанан ытаар!Бука диэн хонноҕун аннын...Атын өттүнэн буулдьаҕынан хотутуоҥ суоҕа.Куйаҕа илииттэн ордук буолар, оттон мин үҥүүбүнэн киирэн көрүөм.
           Автор.Сэксэҕэ улам чугаһаан истибит.Эмискэччи күтүр улахан эһэ былтас гына түстэ. Тахсан муус куйаҕа күн уотугар килбэлдьийэн көһүннэ.
Иккис булчут.         -Ыта оҕус?\ Киһим уҥуоҕа салҕалас буолбут.Эһэ ойон кэллэ да, киһим тутан турар туурка саатын туура садьыйан ылбыта, тииккэ охсулунна, саа эстэн дэлби барда.\
           Автор. Киһим эһэ тиийэ илигиттэн сарылаабытынан охтон түстэ.
Бастакы булчут.      -А-А-А!
            Автор.Мин эһэ хаҥас өттүгэр ыстанным.Кини , уҥа өттүнээҕэр,хаҥас өттүгэр – көнтөрүк буолар.Үҥүүбүнэн хонноҕун анныгар түстүм.\Эһэ орулуур,киһитин үрдүнэн ойор\
Иккис булчут.       - Ас! \ Киһим ойон турда да,үҥүүнэн миэхэ түстэ.\
Бастакы булчут.    - Айкаа?
           Автор. Киһибин үҥүүлэри кэннибэр илгээт, хаттаан эһэни астым.Эһэ улаханнык таптарда быһыылаах охтон түстэ.
Иккис булчут.     -Көр,саам сомуога туллан хаалбыт .\Киһитэ чугаһаабытыгар куттанан муҥунан көрөн баран,кэдирги тайанна.Онтон миигин билэн дьэ уоскуйда\
Бастакы булчут.      - Хайа,били кутур?
Иккис булчут.       -Хайа хайатыгар турара буолуо, оттон “ күтүр” ол утуйа сытар...
Миигин тоҕо астыҥ?
Бастакы булчут.    - Суо-о- х. Эйигин аспатаҕым,эһэни...
Иккис булчут.   - Кутталгыттан өйгүттэн тахсан, мин эйиэхэ эһэ курдук көстүбүтүм буолуо
 “ Куттас доҕор куһаҕан да ээ” дии санаатым.
Отзывы
Идея создания сайта мне очень понравилась. Данный сайт позволяет организовать дистанционное творческое сотрудничество с другими педагогами и обучающимися. Ещё одно преимущество сайта - то, что задания и конкурсы проводятся на двух языках – русском и якутском. Желаю успехов в работе сайта!
Боярова Людмила Андреевна – заместитель директора по воспитательной работе МОБУ СОШ №12 г. Якутска, Отличник образования РС(Я)
Боярова Людмила Андреевна – заместитель директора по воспитательной работе МОБУ СОШ №12 г. Якутска, Отличник образования РС(Я)
Сайт полезный, познавательный для детей и педагогов. Обращает внимание его практическая направленность. Разделы сайта грамотно подобраны, интересны. Большой выбор олимпиад и конкурсов на якутском и русском языках. Хорошая возможность детям проверить уровень знаний по предметам, а педагогам - обмениваться материалами в альманахе "Я - педагог". Желаю процветания и достижения всех ваших целей!
Григорьева Дария Васильевна - учитель начальных классов, Почётный работник общего образования РФ, г. Нюрба
Григорьева Дария Васильевна - учитель начальных классов, Почётный работник общего образования РФ, г. Нюрба
Сайт дистанционных олимпиад и конкурсов обеспечивает сознательное и активное участие школьников в процессе обучения в школе и полное освоение учебного материала. Здесь организуется творческая работа с педагогами и обучающимися. Желаю удачи во всех начинаниях!
Винокурова Екатерина Ивановна - Кандидат педагогических наук, автор учебных пособий «Культура народов РС(Я)», «Уран тарбах кистэлэҥэ», «Уроки предков» и др.пособий.  Ведущий научный сотрудник ФГБНУ "Институт национальных школ РС(Я)
Винокурова Екатерина Ивановна - Кандидат педагогических наук, автор учебных пособий «Культура народов РС(Я)», «Уран тарбах кистэлэҥэ», «Уроки предков» и др.пособий. Ведущий научный сотрудник ФГБНУ "Институт национальных школ РС(Я)
Ситуация с коронавирусом отрезала нас от мира. Чем вы занимаетесь во время самоизоляции? А я открыла для себя очень полезный, мотивирующий сайт, который предлагает детям попробовать свои силы, знания и умения в различных конкурсах и олимпиадах. Уверена, что и для себя вы найдете там много интересного и увлекательного. Для успешного повышения категории и аттестации педагогов отлично подходит размещение методических материалов в электронном альманахе «Я – педагог». Успехов Вам и Удачи!
Скрябина Ульяна Егоровна - Отличник гражданских инициатив РС (Я), режиссер-сценарист, организатор благотворительных мероприятий, акций концертов, председатель ОО "Многодетная семья Якутии"
Скрябина Ульяна Егоровна - Отличник гражданских инициатив РС (Я), режиссер-сценарист, организатор благотворительных мероприятий, акций концертов, председатель ОО "Многодетная семья Якутии"
Большое спасибо организаторам такого хорошего сайта. С радостью принимаем участие в каждой олимпиаде! Заранее готовимся к олимпиадам, по итогам которых наши дети занимают призовые места, получают красочные дипломы, пополняют свое портфолио. У детей появляется уверенность в своих силах, познавательная активность, высокая мотивация. Очень понравился проект "Электронный альманах", тут есть много полезного, особенно для молодых учителей, которые учатся у своих более опытных коллег, тут богатый материал, учителя щедро делятся своим опытом, за это отдельное спасибо! Ведь все мы были когда-то начинающими педагогами, жаль что в то время не было такого полезного, тщательно продуманного сайта. От имени моих коллег, учеников и их родителей говорю слова благодарности за ваш труд, за желание развивать наших детей и нас учителей!

С уважением, Соловьева Анна Ивановна, учитель начальных классов.
Сейчас, когда идет эра интернета, каждый из нас погружен в эту паутину. И в этой паутине нужны познавательные сайты, где ученик самостоятельно сможет проверить свои знания, силы. Это хоть маленький, но опыт. Участие в дистанционных олимпиадах и занятия в тренажерах придают уверенности ученику. При дополнительной подготовке к олимпиадам повышается уровень знаний, также возможно и вспоминается даже что-то слегка забытое, и если по итогам хороший результат - повышается самооценка школьника. И даже если не очень хороший итог, то он тоже полезен, так как является стимулом укрепить свои знания. Считаю, что ваш сайт этому и способствует. Отрадно, что в сайте можно и педагогам поделиться своим опытом педагогической деятельности. Желаю дальнейшего процветания вашей команде!


Николаева Мария Андреевна – учитель начальных классов МБОУ «Антоновская СОШ им.Н.Н.Чусовского» Нюрбинского района, Отличник образования РС (Я), Почетный работник воспитания и просвещения РФ.
Оксана Аммосовна, наһаа үчүгэйдик тыырыллан, тэриллэн оҥоһуллубут олус интэриэһинэй сорудахтаах олимпиадаҕыт түмүгэ тахсыбытынан эҕэрдэлиибин уонна улахан махталбын биллэрэбин.
Биһиги кылаас оруобуна үөрэх дьылын түмүктүүр тэрээһинигэр түбэспитэ олус үчүгэй бэлэх буолар буолла.
Сыралаах үлэҕит өссө таһаарыылаах, өссө элбэх кыттааччылаах буоллун! Сайын кэлбитинэн, күөххэ үктэммиппитинэн!
Бары үтүөнү баҕарабын!🙋🏼‍♀️🥰🙌🏻🙏🏻🙏🏻🙏🏻
Поскачина Валентина Семеновна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №39" ГО "Город Якутск"
Поскачина Валентина Семеновна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №39" ГО "Город Якутск"
Ваш сайт - незаменимый помощник на уроках, при подготовке к олимпиаде. Для ребят все конкурсы, олимпиады - отличная умственная тренировка и соревнование! Планируем и в дальнейшем принимать участие. Спасибо вам большое!
Алексеева Евдокия Николаевна - учитель начальных классов Нюрбинской СОШ №1, Отличник образования РС(Я)
Алексеева Евдокия Николаевна - учитель начальных классов Нюрбинской СОШ №1, Отличник образования РС(Я)
Олимпиадаҕа кыттан астынныбыт, миэстэлэһэн үөрүүбүт улахан. Махтал тэрийээччилэргэ!

Соломонова Вера Семеновна учитель начальных классов МБОУ "Оленекская СОШ имени Х.М. Николаева"
Выражаю огромную благодарность организаторам сайта. С радостью принимаем
участие в каждой олимпиаде! Желаю дальнейших успехов!

Саха политехнический лицей.
Петрова Вера Панфиловна, учитель начальных классов.
Здравствуйте! Спасибо большое за дипломы. Дети очень рады. Желаем вам здоровья, дальнейших успехов в работе!

Слепцова Мария Ильинична, учитель начальных классов, с. Хонуу Момского района
Здравствуйте! Благодаря вашему тренажёру мой сын за несколько дней выучил всю таблицу умножения. Теперь будем учить словарные слова.

Мама Артёма Иванова Мари, г. Якутск
Здравствуйте, уважаемые организаторы семейной олимпиады по английскому языку.
Рады принять участие в республиканской семейной олимпиаде по страноведению. Получила положительные отзывы от родителей и учеников об олимпиаде.

С уважением,
Зинаида Шестакова
Добрый день! Спасибо организаторам за проведение дистанционных олимпиад во время дистанционного обучения! Очень рады, что наша дочка участвовала и заняла 1 место. Вам процветания, успехов!


Анастасия Бурнашёва – родитель.
Очень хорошие олимпиады. Задания соответствуют возрасту ребенка. В такое время, когда все сидим на самоизоляции, такие олимпиады очень нужны.

Бурнашева Галина Федосеевна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №38" г. Якутска
Дорооболоруҥ! Бу сайт олус интэриэһинэй, араас конкурстар, олимпиадалар тахсаллар. Мин оҕолорбун астына кытыннарабын. Инникитин куруук бииргэ буолуохпут. Улахан махталбын тириэрдэбин, сайда-үүнэ туруҥ!

Ульяна Николаевна Колесова, алын кылаас учуутала, А. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата
Здравствуйте, уважаемые организаторы олимпиады!
Спасибо большое за ваш труд и вклад в развитие наших детей!
Вопросы были очень интересные и познавательные.

Успехов вам!
Всего вам доброго,
С уважением, Марианна Вивиерс, родитель.
Здравствуйте!
Спасибо огромное за проведение олимпиады и своевременную рассылку дипломов!


С ув. Матильда Портнягина, учитель начальных классов, г. Якутск
Спасибо огромное за олимпиаду и за красочно оформленные дипломы

С уважением, Екатерина Парникова, МБОУ "Мюрюнская СОШ №1 им. Г.В.Егорова", Усть-Алданский улус (район)
Здравствуйте! Спасибо большое за интересные и полезные задания. Желаем дальнейших успехов и будем рады сотрудничеству.

С уважением, Зинаида Артёмовна Ядреева, учитель начальных классов, Намский район.
Спасибо, очень рада нашему сотрудничеству!

Васильева Матрёна Иннокентьевна, учитель начальных классов, Сунтарский улус
Какой успех! Какая радость! Спасибо большое за олимпиаду, мы очень рады! 🥰🌹👏👍
Кириллина Мария Михайловна, учитель начальных классов, с. Дикимдя, Горный улус
Выражаем огромную благодарность за Ваш труд, спасибо!

С уважением коллектив 4 класса МБОУ Сасыльская СОШ

Все материалы, находящиеся на сайте, охраняются в соответствии с законодательством, в том числе, об авторском праве и смежных правах

Адрес:
1-4olimpiada.ykt@mail.ru