Игнатьева Розалия Васильевна,
П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан
Хатас орто оскуолатын
алын сүһүөҕүн учуутала,
Дьокуускай куорат, Саха өрөспүүбүлүкэтэ
Тиэкиһи болҕойон аах.
Тайҕаҕа мас араас көрүҥэ үүнэр. Саха сиригэр мастар 180 мөлүйүөн гектар иэннээх сири тайаан сыталлар. Ол аата, Саха сирин улахан өттө ойуур, аар тайҕа буолар.
Мас силистээх, умнастаах, сэбирдэхтээх, туорахтардаах, сиэмэлэрдээх, астардаах. Умнаһа үксүн суон, элбэх лабаалардаах буолар. Мастары икки көрүҥҥэ араараллар: мутукчалаах уонна сэбирдэхтээх. Мутукчалаах мастар: харыйа, бэс, тиит, ыылаах мас. Тиит кыһын мутукчатын түһэрэр. Харыйа, бэс кыһын устата күөх тураллар. Сэбирдэхтээх мастар: хатыҥ, тэтиҥ, үөт, тирэх. Кинилэр сэбирдэхтэрэ күһүн түһэр.
Тиит – 500 – 600, хатыҥ – 150, бэс – 350 – 570, тэтиҥ – 100 – 110, харыйа – 500 сыл устата үүнэллэр.
Тиит бөҕө, ол иһин тиитинэн дьиэ, хотон уонна күрүө тутталлар. Дьон бэс үүнэр сиригэр сөбүлээн олохсуйар. Бэс иннэтигэр, туораҕар, сутукатыгар С битэмиин баар. Былыр аччык дьылга өбүгэлэрбит сайын саҕаланыытыгар бэс үөрэтин уонна субатын хомуйан, кыһын сииргэ хаһааналлара.
Мастар салгыны ыраастыыллар. Кинилэр хамсыыр харамай, киһи тыынарыгар наадалаах кислород диэн ыраас, туһалаах гааһы таһаараллар уонна тыынар тыыннаахха буортулаах углекислай гааһы иҥэринэллэр.
Учуонайдар ааҕыыларынан, күннээх итии күҥҥэ биир гектар иэннээх ойуур тулалыыр эйгэҕэ буортулаах 220 – 280 кг углекислай гааһы иҥэринэр уонна 180 – 220 кг ыраас, тулалыыр эйгэҕэ туһалаах кислород гааһы таһаарар. Мастар салгыны сиигирдэллэр, быылтан ыраастыыллар, тыас-уус тахсарын куччаталлар.
Мастар углекислай гааһы иҥэриниилэрэ араас буолар.
Ыйытыыларга хоруйдаа, сорудахтары толор.
1. Тиэкиhи ааттаа ____________________________________________________________
2. Бу тиэкис көрүҥүн бэлиэтээ:
А) Ойуулааһын
Б) Тойоннооһун (толкуйдааһын)
В) Сэһэргээһин
3. Былыр аччык дьылга тоҕо cайын бэс үөрэтин уонна субатын кыһын сииргэ хаһааналларый?
________________________________________________________________________
________________________________________________________________________
4. Бастакы этииттэн тыл ситимнэрин бул, суруй.
________________________________________________________________________
5. Бастакы этиини тэнийбэтэх этии оҥор.
________________________________________________________________________
6. Тиэкистэн биир уустаах ойоҕос чилиэннэрдээх 1 этиини уһул.
________________________________________________________________________
________________________________________________________________________
________________________________________________________________________
7. Харыйа хас үйэ үүнэрий?
________________________________________________________________________
8. Ситэр: 180 кг = ... ц ... кг
9. Бэс харыйатааҕар хас %-нан элбэх углекислай гааһы иҥэринэрий? (ойууну көр)
________________________________________________________________________
10. Мастар ханнык гааһы таһааралларый?
________________________________________________________________________
11. Маһы хас көрүҥҥэ арааралларый? Бэлиэтээ.
А) 4 Б) 3 В) 2
12. Диаграммаҕа көстөрүнэн, ханнык мас саамай аҕыйах углекислай гааһы оборор эбитий?
________________________________________________________________________
Үлэ эппиэттэрэ
Сорудах
|
Сөптөөх хоруй
|
Баала
|
1.
|
Мастар туһалара.
|
1
|
2.
|
В) Сэһэргээһин
|
1
|
3.
|
Бэс үөрэтигэр уонна субатыгар С битэмиин баар.
|
1
|
4.
|
Тайҕаҕа үүнэр, мас көрүҥэ, араас көрүҥэ.
|
3
|
5.
|
Мас үүнэр.
|
1
|
6.
|
Умнаһа үксүн суон, элбэх лабаалардаах буолар.
Тиит бөҕө, ол иһин тиитинэн дьиэ, хотон уонна күрүө тутталлар.
Бэс иннэтигэр, туораҕар, сутукатыгар С битэмиин баар.
Былыр аччык дьылга өбүгэлэрбит сайын саҕаланыытыгар бэс үөрэтин уонна субатын хомуйан, кыһын сииргэ хаһааналлара.
Кинилэр хамсыыр харамай, киһи тыынарыгар наадалаах кислород диэн ыраас, туһалаах гааһы таһаараллар уонна тыынар тыыннаахха буортулаах углекислай гааһы иҥэринэллэр.
Учуонайдар ааҕыыларынан, күннээх итии күҥҥэ биир гектар иэннээх ойуур тулалыыр эйгэҕэ буортулаах 220 – 280 кг углекислай гааһы иҥэринэр уонна 180 – 220 кг ыраас, тулалыыр эйгэҕэ туһалаах кислород гааһы таһаарар.
|
1
|
7.
|
Харыйа 500 сыл, ол эбэтэр 5 үйэ үүнэр.
|
1
|
8.
|
180 кг = 1 ц 80 кг
|
1
|
9.
|
23 – 15 = 8
Эппиэтэ: Бэс харыйатааҕар 8%-нан элбэх углекислай гааһы иҥэринэр
|
2
|
10.
|
Мастар кислороду таһаараллар.
|
1
|
11.
|
В) 2
|
1
|
12.
|
Харыйа 14% углекислай гааһы оборор эбит.
|
1
|
Барыта:
|
|
15
|
Сыаната:
“5” – 15-13 баал
“4” – 12-9 баал
“3” – 8-6 баал
“2” – 5-0 баал