Оҥордо: Копырина И.Н.,
Миирнэй улууһун Таас- Үрэх 9№-дээх
Р.В.Лонкунов аатынан орто оскуолатын
алын сүһүөҕүн учуутала
Киирии тыла
Платон Алексеевич Ойуунускай Саха норуотун биир чулуу уола. Кини поэт, прозаик, драматург, чинчийээччи, ученай- лингвист, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, революционер общественнай деятель. Саха норуотун сайдар кэскиллээх суолун ыйсыбыта, төрөөбүт норуотун туһугар олоҕун толук уурбута. Сүрдээх кылгас олоҕор Платон Алексеевич олус элбэҕи үлэлээбитэ, айан- суруйан хаалларбыта.
Саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйа «Платон Ойуунускай үгүс киһиттэн чахчы ордуга, дьиҥнээх кэрэтэ- кини дьону кытта тэҥҥэ туттан сылдьан, үөрэтэрдии - дьулатардыы буолбатах, сүбэлиирдии, сэһэргиирдии кэпсиир, дакылааттыыр, суруйар киһи этэ. Ол ордук ылыннарыылаах, күүстээх,” - диэн суруйар. Ойуунускай олорон ааспыт кэмэ эриирдээх, мускуурдаах, үгүс үтүрүһүүлээх, олох уларыйар утарсыылаах кэмэ этэ.
Бастакы саха советскай айымньытын “Көҥүл ырыата” хоһоону суруйан саха советскай литературатын алгыстаах аартыгын арыйбыта. П.А.Ойуунускай айымньылара үөрэтэр, сэрэтэр ис хоһоонноохтор. Итинник айымньылартан үүнэр көлүөнэ история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билиэхтээх, сиэр- майгы өттүнэн иитиллэригэр түмүк оҥостуохтаах.
Биллиилээх литературовед В.Н.Протодьяконов маннык суруйар “Ойуунускай айымньылара ханнык баҕарар кэмҥэ иитэр, сэрэтэр, өйдөтөр суолталарын сүтэрбэттэр”.
Саха литературата баарын тухары Платон Ойуунускай албан аата сүтүө суоҕа. Биһиги учууталлар кини айымньыларын оҕолор сөбүлээн ааҕалларыгар усулуобуйа оҥоруохтаахпыт, интириэһи үөскэтиэхтээхпит. Онон сиэттэрэн П.А.Ойуунускай айымньыларын алын кылаас уонна орто сүһүөх оҕолоругар ааҕарга, үөрэтэргэ туттуллар матырыйааллары (үлэ лиистэрин) оҥордум. Уруокка, хатылааһыҥҥа, эбии ааҕыыгатуттарга туһаныахха сеп.
Туттуллубут матырыйааллар:
- Л.В.Аргунова, С.М.Захарова, А.Баишев…Ааҕар кинигэ. 2-с кинигэ:Дьокуускай: Бичик, А12 2018-2020
- Д.В.Кириллин. Сэһэннэр, кэпсээннэр. Былатыан Ойуунускай.- Дьокуускай, Бичик, 2003.- 192 с. 3. Л.В.Захарова, У.М.Флегантова. Литература ааҕыыта: 4 кылааска үөрэх кинигэтэ: икки чаастаах.Дьокуускай: Бичик, 2019.- 136 с.
- Л.В.Захарова., Л.К.Избекова. Саһарҕа: түөрт кылаастаах начальнай оскуола 2 кылааһыгар ааҕар кинигэ.- Дьокуускай Бичик, 2006.- 168 с.