Программаны оҥордулар:
Ньурба улууһун Н.Н.Чусовской аатынан
Антоновка орто оскуолатын учууталлара:
Тихонова Наталья Николаевна, Яковлева Валентина Гаврильевна.
Уруок таhынан улэ - ол эбэтэр бары истэрбит курдук ВУД – бу уруок кэнниттэн оскуола буолар. Уруок таhынан дьарык (ВУД-пут) маннык сыалы туруорар:
-
О5о сайдыытынан көрөн, кини интэриэhин учуоттаан, сөптөөх сайдар усулуобуйаны тэрийии;
Соруктара:
-
Педагогическай дьайыыны күүhүрдүү;
-
Иллэн кэми тэрийии;
-
О5о сайдарыгар септеех усулуобуйаны тэрийии;
-
Социуму кытта алтыьыыны кэҥэтии.
Манан ВУД ыытарга хас да хайысханан үлэлиэххэ сөп. Ол гынан баран ханнык ба5арар учуутал улэлиир усулуобуйатыттан, о5о, төрөппүт ба5атыттан, кыа5ыттан көрөн хайысха талан үлэлиэн сеп.
Бу хайысхаларбытыгар араас көруҥнээх дьайыылар ыытылаллар.
ВУД хайысхатын, дьайыытын көруҥун, форматын талан үлэлииргэ бу принциптэргэ оло5уран үлэ тэриллиэхтээх:
-
Алын уонна сүрун үөрэхтээhин усулуобуйаларыгар тирэ5ирии;
-
О5олор ба5аларын учуоттааhын;
-
Оскуола материальнай базатыгар тирэ5ирии;
-
Педагогтар ис кыахтарыгар оло5уруу;
-
Төрппүттэр ирдэбиллэрин, ба5аларын учуоттааhын;
-
Оскуола иитиигэ традицияларыгар оло5уруу;
-
Эбии үөрэхтээhин уонна культура тэрилтэлэрин кытта алтыhан үлэлээhин.
Этиллибит принциптэргэ олоҕуран үлэни тэрийдэххэ оҕо сайдыытыгар сөптөөх олук ууруллар. Бу оскуола уратытыттан эмиэ тутулуктаах. Биһиги оскуолабыт уратыларын кэтээн көрдүбүт уонна маннык түмүктэри оҥордубут:
-
Оскуолабыт образовательнай программата;
-
Материальнай-техническай базата;
-
ЮНЕСКО оскуолаларын ситимигэр киирэрэ;
-
Фиджип – Сонор ситимэ;
-
Агропрофилированнай хайысхабыт;
-
Оскуолабыт оройуон кииниттэн чугас турара;
-
Араас микрорайоннартан: Энергетик, Нефтебаза, Ньурба куораттан уонна атын нэһилиэктэртэн оҕолор үөрэнэллэрэ, оҕобут ахсаана элбэҕэ
-
Нэһилиэкпитигэр социальнай тэрилтэлэр бааллара: «Арчы» социальнай приют, спортинтернат.
Ити этиллибит уратылары учуоттаан, бэйэбит кыахпытын көрүнэн, оҕолорбут, төрөппүттэрбит баҕаларын учуоттаан, уруок таһынан үлэбитигэр үс хайысханы тутуһабыт: научно-познавательнай, художественно-эстетическай, проектная деятельность.
Научно-познавательнай хайысха5а 4 сыллаах программа оҥорбуппут. Программабыт аата «Развивайка». Нэдиэлэ5э 2 чаас ыытыллар. Уксугэр учууталлар биир предмети ылаллар, онтон бу программа уратыта диэн бары сурун предметтэри хабара (математика, нуучча, саха тыллара).
Программабыт сыала: о5о сөпкө суруйар - аа5ар үөрүйэхтэрин иҥэрии, сибээстээх саҥатын, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы.
Соруктара:
-
Үөрэтэр предметтэргэ (р/я, с/т, м) интэриэhи үөскэтии;
-
Программнай матырыйаалы кэҥэтии, дириҥэтии;
-
О5о бэйэтэ үлэлиир сатабылын сайыннарыы;
Дьарыктарбыт кружок, олимпиада, викторина, күрэх, оонньуу, көрүнүнэн бараллар.
1 кылааска – о5о сөпкө аа5ар, суруйар, 20 иhинэн суоттуур дьогурун сайыннарыыга улэ ыытыллар. Бастакы кылааска араас таhымнаах о5о кэлэр. Сорох о5о детсадка да сылдьыбатах буолуон сеп. Ол иhин хас биирдии о5о ис кыа5ын арыйыыга, о5о о5ону кытта алтыhыытыгар бу дьарыктарга үлэ күүскэ барар.
2 кылааска – о5о тылын саппааhын байытыыга, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыыга үлэ ыытыллар.
3 кылааска – ситимнээх саҥа5а, тыл баайын билиhиннэриигэ, уустук задачалары, римскай сыыппаралары, толкуйу сайыннарарга үлэлэр тэриллэллэр.
4 кылааска – араас көруннээх олимпиадалар, толкуйу, о5о айар дьо5урун сайыннарыыга үлэ барар.