Телефон:
Адрес:
1-4olimpiada.ykt@mail.ru

Кылаас таһынан үлэ «Көтөрдөр – биһиги доҕотторбут»

Юмшанова Алевтина Дмитриевна
учитель начальных классов
МБОУ «Арылахская СОШ»
РС(Я) Верхоянский район
село Бала
Сыала:
-Чыычаахтар, көтөрдөр ааттарын билэ, араастарын араара үөрэнии;
кинилэр олорор усулуобуйаларын, айылҕаҕа уонна киһиэхэ оруолларын быһаарыы;
- саха сирин көтөрдөрүн тустарынан билиилэрин чиҥэтии;
- айылҕаҕа тапталы, убаастабылы иитии.
  
Туттар тэрилэ:
-презентация "Көтөрдөр – биһиги доҕотторбут"
- чыычаахтар саҥалара(запись)
- орнитолог(саҥа тыл)
- карточкалар «Өс хоһоонноро»
-кроссворд "Саха сирэ"
 
Yлэ хаамыыта
I. Киирии.
Учуутал: Биһиги бүгүн ойуурга дьиктилэри көрдүү барыаҕыҥ. Туох дьиктитэ буолуой? Ойуурга киһи элбэх дьиктини көрөр. Оннооҕор улахан дьон араас дьиктини көрөллөр. Оттон эһиги оҕолор ойуурга хас хаамтаххыт аайы дьиктилэри көрүөххүтүн сөп.
Учуутал: Бүгүҥҥү тиэмэбит таабырыннарга кистэммит. Чэ эрэ таайыҥ эрэ. 1)Тииккэ кыайан хатаастыбат аата, хайа сахха тиит чыпчаалыгар олорбут баар үһү.
2)Илиитэ да суох дьиэни бэркэ туттар.
Оҕолор: Чыычаах
 (запись: чыычаахтар саҥалара)
Учуутал: Бүгүн биһиги доҕотторбут – чыычаахтар(көтөрдөр) тустарынан кэпсэтиэхпит. Кинилэр үксүлэрэ биһиги олохпутугар улахан туһаны аҕалаллар. Yүнээйилэри буортулуур үөннэри уонна кинилэр ыамаларын сииллэр. Сорох көтөрдөр кэрэ дьүһүннэринэн, дьикти саҥаларынан айылҕабытын киэргэтэллэр. Болҕойуҥ саҥа тыл орнитолог. Бу тылы истибиккит ду? Орнитологтар диэн көтөрдөр олохторун үөрэтэр учуонайдар.
Кинилэр бары муус устар 1 күнүгэр Аан дойду үрдүнэн «Көтөр күнүн» бэлиэтииллэр. Ол күн тахсан чыычаахтары аһааталлар, кинилэргэ дьиэлэри, аһатар сирдэри оҥороллор.
Учуутал: Чыычаахтар араас сиргэ баар буолаллар. Биһиги  кинилэри ойуурга, хонууга, үрэххэ, күөлгэ, хайаҕа көрүөхпүтүн сөп. Чыычаах көрүҥэ наһаа элбэх. Россияҕа 760 араас көрүҥэ баара биллэр. Барытын көрүөм, үөрэтиэм диэтэххэ киһи олоҕо тиийбэт. Ол гынан баран биһиги бэйэбит ойуурбутугар баар, дьиэ таһыгар кэлэр чыычаахтары билиэхтээхпит. Чыычаах барыта араас араастык саҥарар. Холобура кэҕэ туох диирий?
«Кук-куук» - кэҕэ;
«Чирик-чирик, чырык-чырык» - сылгы чыычыыҕа
«Чып-чыып» - барабыай
«Чур-р, чур-р» - туллук
«Дьыр-дьыр, дьыр-дьыр»- күөрэгэй уо.д.а.
II. Сүрүн чаас.
Учуутал(презентация көрдөрөр): Биһиэхэ кэлэр чыычаахтары көрөн билэбит ду? Ааттарын этиҥ. Билбэт буоллаххытына өйдөөҥ.
Барабыай – воробей. Yөрүнэн көтөр, бороҥ кыра чыычаах.
Кыһын барбат, дьиэ таһыгар кыстыыр
Кэҕэ – кукушка.        Кэҕэ күллүҥү сиэрэй өҥнөөх. Уйа туттубат, сымыытын атын чыычаахтар уйаларыгар угар. Кини айылҕаҕа туһалаах, атын чыычаахтар сиэбэт үүнээйилэри буртулуур хороҥ түүлээх үөннэри сиир.  Күһүн эрдэ барар, сылаас сиргэ Африка диэки кыстыыр.
Сылгы чыычааҕа-трясогузка . Чирик-чирик, чырык-чырык диэн бэлиэ саҥалаах, биэтэҥнэс кутуруктаах, күөгэлдьийэн көтөр чыычаах. Түөһэ үрүҥ, түөһүн тылыгар төгүрүк харалаах, Төбөтө үрүҥ дьураалаах. Дьиэ таһа кыбыы ыырдаах. Уйатын сылгы сиэлинэн оҥостор.
Күөрэгэй – жаворонок. Таптал аата туйаарар, далбарай диэн ырыаһыт чыычаах. Кыра көҕүллээх, кугдаҥ өҥнөөх. Сайын саҕаланыыта үөһээ халлааҥҥа көтө сылдьан ыллыыр.
Чооруос (Чечётка).Yөрүнэн сылдьар. Хагдаҥ өҥнөөх, төбөтүгэр төгүрүктүҥү
кыһыллаах. Чооруос хатыҥ ытарҕатынан аһылыктанар.
Туллук (Пуночка). Сааскы өрөбүл саҕана чыычаахтартан бастакы кэлэр. «Чур-р, чур-р» диэбит курдук саҥалаах. Мап-маҥан, ол иһин сорохтор үрүҥ чыычаах диэн эмиэ ааттыыллар. Кынатын төбөтө харалаах. Туундараҕа тиийэн сымыыттыыр. Хаар түспүтүн кэннэ хойутуу төннөр. Саас үөрэ хойуутунан кус хойуутун билгэлииллэр.
Хараҥаччы(Ласточка). Кыра чыычаах. Бүтэһик халлаан үчүгэйдик сылыйдаҕына үөн-көйүүр элбээтэҕинэ кэлэр. Бэйэтэ хара, түөһэ үрүҥ. Икки аҥы арахсар уһун кутуруктаах. Ас көрдөөн элбэхтик көтөр.
Тоҥсоҕой – дятел. Тоҥсоҕой дьүһүнэ саадьаҕай, үрүҥ хара өҥнөрдөөх, төбөтүгэр уонна кутуругун диэки кыһыллаах. Кинини ойуур эмчитэ дииллэр. Тиит хатырыгын наһаа түргэнник тоҥсуйар сөкүүндэҕэ 20-тэ охсор.Тыла уһун 10см. Оннук тииттэртэн үөннэри булан сиир. Биһиэхэ кыстыыр.
Хабдьы (Куропатка). Хабдьы кыһын маҥан, сайын бороҥнуҥу сиэрэй буолар. Yүнээйи сиэмэлэринэн, отоннорунан аһыыллар. Уйатын сиргэ оҥостор. Түргэнник сүүрэллэр, кылгастык көтөллөр. Тииккэ олорботтор, үксүгэр сиринэн сылдьаллар, хаһан ас көрдүүлэр.
Тураах(Ворона). Тураах  хара көтөр. Ас көрдөөн дьиэ таһыгар кэлэр. Саас муус устар ыйга кэлэр. Дааҕырҕаан саҥарар. Тугу талбыт сиир (үөннэри, баҕалары, кутуйахтары, куобахтары, балыктары, …)
Суор (Ворон). Суор улахан  хара көтөр. Тураахтан уратыта диэн улахан, модьу уонна манна кыстыыр, барбат. Тумуса улахан, көнө. Киһиэххэ чугаһаабат сэрэх көтөр. Өлүктэри, кэрбээччилэри булан сиир.
Хопто(Чайка). Хопто үрүҥ уонна сиэрэй өҥнөөх, сорохторо төбөлөрө хара буолар. Балыгынан, баҕаларынан уонна үөннэринэн аһыыллар. 20-чэ сыл олороллор.
Улар (Глухарь). Улар биһиги ойуурбутугар саамай улахан көтөр. Атыыра хара, кыһыл хаастаах. Хотой курдук  токур тумустаах. Тыһылара бороҥ, сиэрэй өҥнөөхтөр. Мутукчанан, үнүгэстэринэн, отонунан аһыыллар.
Элиэ – коршун. Элиэ сиэмэх көтөр. 2000м үөһэ көтө сылдьан от быыһыгар кутуйах көрөр сытыы харахтаах. Өлүктэри булан сиир, ойууру ыраастыыр. Уйатын хайаҕа эбэтэр үрдүк тииккэ оҥостор. Сылаас сиргэ баран кыстыыр.
Кыырт (Ястреб). Кыырт сиэмэх көтөр. Ойуур кырыытыгар уу таһыгар олохсуйар. Кутуйахтары, куобахтары, дьабарааскылары, эриэн үөннэри тутан
сиир. Ырааҕы көрөр сытыы харахтаах. Yксүн тииккэ олорон булдун маныыр
 
Мохсоҕол (Сокол). Уу кырыытыгар олохсуйар сиэмэх көтөр. Көтө сылдьан бултуур. Түргэнник көтөр, ырааҕы көрөр сытыы харахтаах. Кустары, хабдьылары тутан сиир.
Мэкчиргэ (Сова). Мэкчиргэ түүҥҥү сиэмэх көтөр.  Улахан харахтаах, сытыы тыҥырахтаах, чуор кулгаахтаах. Төбөтө төгүрүччү эргийэр.Тыаһа суох көтөр. Кутуйаҕынан,  куобаҕынан, балыгынан, улахан үөннэринэн аһыыр.
 
Хотой (Орёл). Хотой саамай улахан, күүстээх сиэмэх көтөр. Улахан токур кытаанах тумустаах. Уһун сытыы тыҥырахтаах. Сытыы харахтаах, чуор кулгаахтаах. Кэтит күүстээх кынаттардаах. Yрдүк хайаҕа уйаланар. Дьабарааскыны, куобаҕы, кутуйаҕы тутан сиир.
 
Учуутал: Тоҕо сорох көтөрдөр соҕуруу бараллар, онтон сорохтор хаалалларый? (оҕолор эппиэттэрэ)
Учуутал: Сөпкө эттигит. Кыһын чыычахтарга ас суох буолар. Yөн-көйүү сүтэр, саһар. Сорох көтөрдөр сиэмэнэн аһыыллар, ол сиэмэлэр сорохторо үүнэр, сорохторо сиргэ түһэн хаар анныгар сүтэллэр. Аччыктыыллар уонна тоҥоллор. Ол иһин көтөрдөр соҕуруу сылаас сирдэргэ бараллар. Саамай тулуурдаахтара хаалаллар. Ас көрдөөн дьон олорор сирдэригэр чугаһыыллар.
Биһиги кинилэри аһаатыахтаахпыт, харыстыахтаахпыт.
Учуутал: Билигин оҕолоор көтөрдөгө сыһыаннаах өс хоһооннору дьаарыстыахпыт. Тыллара ыһыллыбыттар, ону сөпкө хомуйабыт(бөлөҕүнэн үлэ).
  • Көтөр өҥүнэн,/ киһи өйүнэн.
  • Чыычаах көтөрүнэн, /киһи оҥорорунан.
  • Хопто курдук,/ кыраттан айдааны тардыма.
  • Икки атахтаах эриэнэ иһигэр, /көтөр эриэнэ таһыгар.
  • Саҥа кэлбит /тураах курдук.
  • Мэкчиргэ үрдүк тиит /төбөтүн былдьаһарыгар дылы.
- Бары сөпкө уонна түргэнник өс хоһооннору хомуйдугут, маладьыастар.
( Өс хоһооннор өйдөбүллэрин быһаарсыы).
 
Учуутал:  Аны билигин кроссворд таайыахпыт. Дуосканы көрөбүт.(эрдэ кроссворд клеткаларын бэлэмниибит).
 
                                                  1
 
 
 
 
 
2
 
 
5
 
 
 
 
 
 
 
 
3
 
 
 
 
 
4
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
7
 
 
 
 
 
 
 
 
 
8
 
 
 
 
 
1. Хара, улахан көтөр. Саха сиригэр кыстыыр.
2. Дьиэ таһыгар кыстыыр кыра чыычаах.
3. Кыһын маҥан, сайын бороҥнуҥу сиэрэй буолар.
4. Кыһыл хаастаах хара көтөр.
5. Көтө сылдьан бултуур көтөр.
6.Түүн бултуур сиэмэх көтөр.
7.Yөһэ халлааҥҥа ыллыыр чыычаах
8. Булдун үөһэттэн булан көрөр сиэмэх көтөр.
 
(Биирди биирдии ааҕан таайтарабыт. Таайбыт оҕо тахсан суруйар.)
Учуутал: Маладьыастар, барытын таайдыгыт. Аны бэрэбиэркэлэнэбит(презентация слайд-19) Туруору суругу ааҕабыт – Саха сирэ. Бу таайбыт көтөрдөрбүт бары Саха сиригэр бааллар.
 
III.Түмүк.
Учуутал: Бүгүн биһиги көтөрдөр тустарынан билиибитин чиҥэттибит, саҥаны да биллибит. Айалҕаҕа сылдьан араас дьиктилэри, урут көрбөтөххүн көрүөххүн сөп. Көтөрдөрү тыыппакка көрө сылдьыҥ, чинчийиҥ, үөрэтиҥ.. Кинилэр айылҕабытын киэргэтэллэрин, буортулаах үөннэри суох оҥороллорун өйдөөҥ. Көтөрдөрү харыстааҥ, таптааҥ!

 

 

 

 

Отзывы
Идея создания сайта мне очень понравилась. Данный сайт позволяет организовать дистанционное творческое сотрудничество с другими педагогами и обучающимися. Ещё одно преимущество сайта - то, что задания и конкурсы проводятся на двух языках – русском и якутском. Желаю успехов в работе сайта!
Боярова Людмила Андреевна – заместитель директора по воспитательной работе МОБУ СОШ №12 г. Якутска, Отличник образования РС(Я)
Боярова Людмила Андреевна – заместитель директора по воспитательной работе МОБУ СОШ №12 г. Якутска, Отличник образования РС(Я)
Сайт полезный, познавательный для детей и педагогов. Обращает внимание его практическая направленность. Разделы сайта грамотно подобраны, интересны. Большой выбор олимпиад и конкурсов на якутском и русском языках. Хорошая возможность детям проверить уровень знаний по предметам, а педагогам - обмениваться материалами в альманахе "Я - педагог". Желаю процветания и достижения всех ваших целей!
Григорьева Дария Васильевна - учитель начальных классов, Почётный работник общего образования РФ, г. Нюрба
Григорьева Дария Васильевна - учитель начальных классов, Почётный работник общего образования РФ, г. Нюрба
Сайт дистанционных олимпиад и конкурсов обеспечивает сознательное и активное участие школьников в процессе обучения в школе и полное освоение учебного материала. Здесь организуется творческая работа с педагогами и обучающимися. Желаю удачи во всех начинаниях!
Винокурова Екатерина Ивановна - Кандидат педагогических наук, автор учебных пособий «Культура народов РС(Я)», «Уран тарбах кистэлэҥэ», «Уроки предков» и др.пособий.  Ведущий научный сотрудник ФГБНУ "Институт национальных школ РС(Я)
Винокурова Екатерина Ивановна - Кандидат педагогических наук, автор учебных пособий «Культура народов РС(Я)», «Уран тарбах кистэлэҥэ», «Уроки предков» и др.пособий. Ведущий научный сотрудник ФГБНУ "Институт национальных школ РС(Я)
Ситуация с коронавирусом отрезала нас от мира. Чем вы занимаетесь во время самоизоляции? А я открыла для себя очень полезный, мотивирующий сайт, который предлагает детям попробовать свои силы, знания и умения в различных конкурсах и олимпиадах. Уверена, что и для себя вы найдете там много интересного и увлекательного. Для успешного повышения категории и аттестации педагогов отлично подходит размещение методических материалов в электронном альманахе «Я – педагог». Успехов Вам и Удачи!
Скрябина Ульяна Егоровна - Отличник гражданских инициатив РС (Я), режиссер-сценарист, организатор благотворительных мероприятий, акций концертов, председатель ОО "Многодетная семья Якутии"
Скрябина Ульяна Егоровна - Отличник гражданских инициатив РС (Я), режиссер-сценарист, организатор благотворительных мероприятий, акций концертов, председатель ОО "Многодетная семья Якутии"
Большое спасибо организаторам такого хорошего сайта. С радостью принимаем участие в каждой олимпиаде! Заранее готовимся к олимпиадам, по итогам которых наши дети занимают призовые места, получают красочные дипломы, пополняют свое портфолио. У детей появляется уверенность в своих силах, познавательная активность, высокая мотивация. Очень понравился проект "Электронный альманах", тут есть много полезного, особенно для молодых учителей, которые учатся у своих более опытных коллег, тут богатый материал, учителя щедро делятся своим опытом, за это отдельное спасибо! Ведь все мы были когда-то начинающими педагогами, жаль что в то время не было такого полезного, тщательно продуманного сайта. От имени моих коллег, учеников и их родителей говорю слова благодарности за ваш труд, за желание развивать наших детей и нас учителей!

С уважением, Соловьева Анна Ивановна, учитель начальных классов.
Сейчас, когда идет эра интернета, каждый из нас погружен в эту паутину. И в этой паутине нужны познавательные сайты, где ученик самостоятельно сможет проверить свои знания, силы. Это хоть маленький, но опыт. Участие в дистанционных олимпиадах и занятия в тренажерах придают уверенности ученику. При дополнительной подготовке к олимпиадам повышается уровень знаний, также возможно и вспоминается даже что-то слегка забытое, и если по итогам хороший результат - повышается самооценка школьника. И даже если не очень хороший итог, то он тоже полезен, так как является стимулом укрепить свои знания. Считаю, что ваш сайт этому и способствует. Отрадно, что в сайте можно и педагогам поделиться своим опытом педагогической деятельности. Желаю дальнейшего процветания вашей команде!


Николаева Мария Андреевна – учитель начальных классов МБОУ «Антоновская СОШ им.Н.Н.Чусовского» Нюрбинского района, Отличник образования РС (Я), Почетный работник воспитания и просвещения РФ.
Оксана Аммосовна, наһаа үчүгэйдик тыырыллан, тэриллэн оҥоһуллубут олус интэриэһинэй сорудахтаах олимпиадаҕыт түмүгэ тахсыбытынан эҕэрдэлиибин уонна улахан махталбын биллэрэбин.
Биһиги кылаас оруобуна үөрэх дьылын түмүктүүр тэрээһинигэр түбэспитэ олус үчүгэй бэлэх буолар буолла.
Сыралаах үлэҕит өссө таһаарыылаах, өссө элбэх кыттааччылаах буоллун! Сайын кэлбитинэн, күөххэ үктэммиппитинэн!
Бары үтүөнү баҕарабын!🙋🏼‍♀️🥰🙌🏻🙏🏻🙏🏻🙏🏻
Поскачина Валентина Семеновна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №39" ГО "Город Якутск"
Поскачина Валентина Семеновна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №39" ГО "Город Якутск"
Ваш сайт - незаменимый помощник на уроках, при подготовке к олимпиаде. Для ребят все конкурсы, олимпиады - отличная умственная тренировка и соревнование! Планируем и в дальнейшем принимать участие. Спасибо вам большое!
Алексеева Евдокия Николаевна - учитель начальных классов Нюрбинской СОШ №1, Отличник образования РС(Я)
Алексеева Евдокия Николаевна - учитель начальных классов Нюрбинской СОШ №1, Отличник образования РС(Я)
Олимпиадаҕа кыттан астынныбыт, миэстэлэһэн үөрүүбүт улахан. Махтал тэрийээччилэргэ!

Соломонова Вера Семеновна учитель начальных классов МБОУ "Оленекская СОШ имени Х.М. Николаева"
Выражаю огромную благодарность организаторам сайта. С радостью принимаем
участие в каждой олимпиаде! Желаю дальнейших успехов!

Саха политехнический лицей.
Петрова Вера Панфиловна, учитель начальных классов.
Здравствуйте! Спасибо большое за дипломы. Дети очень рады. Желаем вам здоровья, дальнейших успехов в работе!

Слепцова Мария Ильинична, учитель начальных классов, с. Хонуу Момского района
Здравствуйте! Благодаря вашему тренажёру мой сын за несколько дней выучил всю таблицу умножения. Теперь будем учить словарные слова.

Мама Артёма Иванова Мари, г. Якутск
Здравствуйте, уважаемые организаторы семейной олимпиады по английскому языку.
Рады принять участие в республиканской семейной олимпиаде по страноведению. Получила положительные отзывы от родителей и учеников об олимпиаде.

С уважением,
Зинаида Шестакова
Добрый день! Спасибо организаторам за проведение дистанционных олимпиад во время дистанционного обучения! Очень рады, что наша дочка участвовала и заняла 1 место. Вам процветания, успехов!


Анастасия Бурнашёва – родитель.
Очень хорошие олимпиады. Задания соответствуют возрасту ребенка. В такое время, когда все сидим на самоизоляции, такие олимпиады очень нужны.

Бурнашева Галина Федосеевна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №38" г. Якутска
Дорооболоруҥ! Бу сайт олус интэриэһинэй, араас конкурстар, олимпиадалар тахсаллар. Мин оҕолорбун астына кытыннарабын. Инникитин куруук бииргэ буолуохпут. Улахан махталбын тириэрдэбин, сайда-үүнэ туруҥ!

Ульяна Николаевна Колесова, алын кылаас учуутала, А. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата
Здравствуйте, уважаемые организаторы олимпиады!
Спасибо большое за ваш труд и вклад в развитие наших детей!
Вопросы были очень интересные и познавательные.

Успехов вам!
Всего вам доброго,
С уважением, Марианна Вивиерс, родитель.
Здравствуйте!
Спасибо огромное за проведение олимпиады и своевременную рассылку дипломов!


С ув. Матильда Портнягина, учитель начальных классов, г. Якутск
Спасибо огромное за олимпиаду и за красочно оформленные дипломы

С уважением, Екатерина Парникова, МБОУ "Мюрюнская СОШ №1 им. Г.В.Егорова", Усть-Алданский улус (район)
Здравствуйте! Спасибо большое за интересные и полезные задания. Желаем дальнейших успехов и будем рады сотрудничеству.

С уважением, Зинаида Артёмовна Ядреева, учитель начальных классов, Намский район.
Спасибо, очень рада нашему сотрудничеству!

Васильева Матрёна Иннокентьевна, учитель начальных классов, Сунтарский улус
Какой успех! Какая радость! Спасибо большое за олимпиаду, мы очень рады! 🥰🌹👏👍
Кириллина Мария Михайловна, учитель начальных классов, с. Дикимдя, Горный улус
Выражаем огромную благодарность за Ваш труд, спасибо!

С уважением коллектив 4 класса МБОУ Сасыльская СОШ

Все материалы, находящиеся на сайте, охраняются в соответствии с законодательством, в том числе, об авторском праве и смежных правах

Адрес:
1-4olimpiada.ykt@mail.ru