Автор: Захарова Ефросинья Егоровна
Должность: учитель начальных классов
с. Быракан, Верхневилюйский улус (район),
Республика Саха (Якутия)
Электронная почта: zakharova08082002e@mail.ru
Уруок: Саха тыла
Оскуола: Быракан сүрүн оскуолата
Кылаас: 4
Учуутал: Захарова Ефросинья Егоровна
УМК (учебник аата, автора): В.М.Анисимов С.К.Колодезников Е.С.Руфова С.М.Тимофеева.Саха тыл 4 кылаас.
Уруок темата: “Солбуйар аат”
Уруок тиибэ: Саҥа тиэмэни арыйыы уруога
Учуутал сыала: Солбуйар ааты үөрэтии, сирэйинэн, ахсаанынан уларыйалларын арыйыы.
О5о соруга: Солбуйар ааты сирэйинэн, ахсааннарынан араара уѳрэнии, билии.
Уруок тумуктэрэ:
-
Предмети уэрэтии тумугэ: сэргэстэспит бүтэй дорҕоону сүһүөххэ, тылы көһөрүүгэ араарыы быраабылатын билии
-
Уэрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ:
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: учуутал көмөтүнэн уруокка сана билии сыалын-соругун таайыы, бэйэ санааны этэргэ үөрэнии; -
Билэр-кѳрѳр сатабыл: эрчиллиини толорор уонна оҕо бэйэтэ өйдүүр буолуохтаах; тэҥниир, ырытар, түмүк онорор;
Бодоруһар сатабыл: атын киһи саҥарарын болҕойон истэр, бэйэ санааны толору этэр; ыйытыыга толору хоруйдуур;
-
Ытык өйдөбулу инэрии тумугэ: саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр.
Сана өйдөбүлү (дьайыы ньыматын) арыйыы уруога
Уруок түһүмэхтэрэ
|
Учуутал дьайыыта
|
Үөрэнээччи дьайыыта
|
Былааннаммыт түмүктэр
|
|||||||
Предметнэй
|
Метапредметнай
|
Личностнай
|
||||||||
1. Тэрээһин чааhа
|
-Үтүө күнүнэн, оҕолоор!
Оҕолоор, уруокка бэлэмҥит дуо? Тэтэрээппит, уруучукабыт миэстэтигэр бааллар дуо?
Маладьыастар!
Бугун бары уруокка кохтоохтук кыттыаххыт диэн эрэрнэбин..
Уруокпутун саҕалыыбыт. Оҕолоор, үөрэнээччи уруокка хайдах олоруохтааҕый?
Саамай сөп. Үчүгэй үөрэнээччи курдук олоробут.
Тэтэрээппитин арыйабыт уонна бүгүҥҥү чыыһыланы, кылааска үлэ сурунабыт. Икки строканы түһэрбитин умнубаппыт. Бүгүн олунньу 22 күнэ. Оҕолоор, суруйар кэммитигэр көнөтүк олорорбут, тэтэрээппит сытыары (криво), уруучукабытын сөпкө тутабыт.
|
Үтүө күнүнэн!
Бэлэммит
Бааллар
Үөрэнээччи көнөтүк олоруохтаах. Илиилэрин паартаҕа уурар.
Чыыһыланы, кылааска улэ суруналлар.
|
уруок соругун толоруу, учууталга, бэйэ саастыылаахха убаастабыллаахтык сыһыаннаһыы
|
|||||||
2. Уэрэнэр соругу туруоруу
2.1 О5олор билэллэрин кордороллоругэр уэрэнэр тугэн
|
Оҕолоор, экраны кодубут.
1) Хаартыскалар (Слайд)
-Бу кимий? (Альбина)
- Альбина, бу кимий? (Мин)
- Оттон бу кимий? (Биhиги.Коллективнай хаартыска)
- Бу кимий? (Эн)
- Бу кимнээ5ий? (Эhиги)
- Бу кимий? (Кини)
- Бу кимнээ5ий? (Кинилэр).
- О5олор, бугун тугу уэрэтэрбит буолуой?
Эрдэ уэрэппити хатылааьын.
О5олоор, ааспыт уруокка биhиги туох сананы билбиппитий? (Солбуйар ааты)
|
Слайдка бэйэлэрин хаартыскалара.
Альбина бэйэтин хаартыскатын “мин” диир
О5олор бэйэлэрин “биьиги”дииллэр
Учуутал хаартыскатынан – эн
Учуутал дьиэ кэргэнин хаартыскатынан-эьиги. Атын кылаас о5олорун хаартыскаларынан кини, кинилэр солбуйар аакка тахсаллар.
Солбуйар ааты салгыы уэрэтэбит
|
уруок соругун толоруу, учууталга, сөпкө ырытыы, дакаастааһын,
|
|||||||
2.2 О5олору билбэттэригэр (уэрэнэр сорукка) таhаарар тугэн
Сорудах:
|
1) Солбуйар аат туьунан тугу билэллэрин чопчулааьын.
- Оголоор, солбуйар аат диэн тугуй? (аат тылы солбуйар сана сааьа «ким?» ыйытыыга эппиэттиир солбуйар аат дэнэр). Слайдага кордоруу.
2)Аны билигин бэлиэтэммит аат тылы солбуйар аатынан уларытын.
Биhиэхэ ыалдьыттар кэллилэр. Учуутал ос хоhооннорун уэрэттэ.Надяны
ийэтэ мохто. О5онньордоох эмээхсин туохтан эрэ олус уэрбуттэр.Вася уруьуйдуурун ордорор.Петя,бугун то5о уорнэн кэлбэтин?
|
Аат тылы солбуйар аакка уларыталлар.
|
уруок соругун толоруу, учууталга, сөпкө ырытыы, дакаастааһын,
|
|||||||
2.3 Уэрэнэр соругу таhаарыы
|
- Солбуйар аат тугунан уларыйар дии саныыгытый? (ахсаанынан, сирэйинэн) биир ахсаанна турар солбуйар ааттары уонна элбэх ахсаанна турар солбуйар ааттары булун эрэ.
- Хайдах араарбыккытын быьаарарын.
Сопко онордубут дуу, сыыьа дуу? Бэрэбиэркэлэниэххэ эрэ? Экраны кордубут.
Оҕолоор, оччотугар бүгүҥҥү
уруокка тугу билиэхтээх эбиппитий?
-Маладьыастар!
Кинигэбитин арыйдыбыт. Быраабыланы аахтыбыт.
Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан уларыйар эбит.
|
Солбуйар ааты бэлэхтууллэр.
Таблица онороллор.
Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан уларыйар эбит диэн быьаараллар.
Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыытын.
|
уруок соругун толоруу, учууталга, сөпкө ырытыы,
|
|||||||
3. Уэрэнэр соругу
толоруу
3.1 Сана ойдобулу (дьайыы ньыматын) арыйыы
|
-Оҕолор дуосканы көрдүбүт. Эрчиллии 1Сорудах: Этиилэри ситэрэн аах.
Вася эттэ: “_____ хаартыска5а туьэрэрбин себулуубун”. Коля Айаалтан ыйытта: “_____ Саахыматынан дьарыктана5ын дуо?” Мин куоскам аата Мурик. _____ туун мээчигинэн оонньуурун туохтаа5ар да ордорор. Валя, Света, Наташа театрга бараллар. Света эттэ: “Бугун ____ театрга барабыт”. Костя, Саша, Алена керудуергэ тураллар. Учууталлара ыйытта: “_____ то5о тура5ын?” Ваня уонна Сандал остолобуойга кэллилэр. _____ балык, алаадьы сиэн, кымыс иьэн дуоьуйан та5ыстылар.
-Ханнык тыллар кеппуттэрий?
- Хас солбуйар аат баарый? Солбуйар аат ахсаанынан арахсар дуо?
-Маладьыастар
|
Вася эттэ: “Мин хаартыска5а туьэрэрбин себулуубун”. Коля Айаалтан ыйытта: “Эн саахыматынан дьарыктана5ын дуо?” Мин куоскам аата Мурик. Кини туун мээчигинэн оонньуурун туохтаа5ар да ордорор. Валя, Света, Наташа театрга бараллар. Света эттэ: “Бугун биьиги театрга барабыт”. Костя, Саша, Алена керудуергэ тураллар. Учууталлара ыйытта: “Эьиги то5о тура5ын?” Ваня уонна Сандал остолобуойга кэллилэр. Кинилэр балык, алаадьы сиэн, кымыс иьэн дуоьуйан та5ыстылар.
О5олор боппуруостарга эппиэттииллэр.
|
уруок соругун толоруу, учууталга, сөпкө ырытыы, дакаастааһын, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору быһаарыы
|
|
||||||
Сынньалаҥ мүнүүтэ
|
Оҕолоор, сылайбыккыт буолуо дии? Миигин кытта тэҥҥэ оҥорсуҥ.
Сынньалан мунуутэ.
Мин хаамабын. Биhиги хаамабыт.
Эн суурэ5ин. Эhиги суурэ5ит.
Кини ойор. Кинилэр ойоллор.
Мин турабын. Биhиги турабыт.
Эн эргийэ5ин. Эьиги эргийэ5ит.
Кини олорор. Биьиги олоробут.
|
Учууталы үтүктэллэр
|
|
|
||||||
3.2 Сана ойдобулу (дьайыы ньыматын) боруобалаан туттуу
|
-Экраны көрдүбүт
85 сирэй, 3 эрчиллии
Сорудах: Сирэй солбуйар ааты туруоран этиилэри уьул, сирэйинэн араар.
кыьын куоракка сылдьыбытым. кэлбитин олус учугэй. акка биэдирэлээх аьы биэрдэ. кылааспытыгар аьа5ас кылаас чааьа буолла. сарсын субуотунньукка тахсабыт. тыаттан дьэдьэннээн киирдилэр.
Хонтуруол: Тугу сатаабатыгытый? То5о?
Эрчиллии 160
|
Эрчиллиилэри толороллор.
Мин кыьын куоракка сылдьыбытым. Эн
кэлбитин олус учугэй. Кини акка биэдирэлээх аьы биэрдэ. Биьиги кылааспытыгар аьа5ас кылаас чааьа буолла. Эьиги сарсын субуотунньукка тахса5ыт. Кинилэр тыаттан дьэдьэннээн киирдилэр.
|
уруок соругун толоруу, бэйэ санааны сөпкө этии, атын киһи санаатын истии
|
|
||||||
Сыаналаныы
1.О5олор бэйэлэрин эйдэбуллэрин сыаналаныылара
2. О5олор бэйэлэрин дьарыктарын сыаналаныылара
|
Оҕолоор, чуораан тыаһыыра чугаһаата.
Дневникпытын арыйабыт уонна дьиэҕэ үлэни сурунабыт. Эрчиллии 4 сирэй.
Уруокпутун түмүктүөххэйиҥ. Оҕолоор, бүгүҥҥү уруокка биһиги туох тиэмэни бардыбытый?
Туох саҥаны биллигитиий?
Солбуйар ааты туттан бугунну уруок туhунан этиитэ толкуйдаан.
- Бэйэ5итигэр сыана туруорун. Таблицаны толорун.
-Манан биһиги уруокпут түмүктэнэр. Аныгыс уруокка көрсүөххэ диэри. Көхтөөх кыттыыгыт иһин махтал!
|
Дьиэҕэ үлэни суруналлар.
Учуутал боппуруостарыгар эппиэттииллэр, бэйэлэрин санааларын этэллэр
|
бэйэни сөпкө сыаналаныы, учууталга, бэйэ саастыылаахха убаастабыллаахтык сыһыаннаһыы
|
|
||||||
|
|