Телефон:
Адрес:
1-4olimpiada.ykt@mail.ru

Кылаас чаас сценарийа “Төрөөбүт тылбыт баайа-мин сүрэхпэр”

Алын сүһүөх учуутала
Черкашина Татьяна Васильевна
МБОУ «Толонская начальная общеобразовательная
школа- детский сад»
Сунтаар улууһа
 
                                                     
                                                          «Киһиэхэ – тѳрѳѳбүт сирэ, дойдута тѳрѳппүт ийэтин кэриэтэ…
Киһиэхэ – тѳрѳѳбүт сирэ, дойдута тѳрѳппүт аҕаҕа холонор…»
С.Данилов
Хас биирдии киһи тѳрѳѳбүт дойдулаах, сирдээх-уоттаах. Ол эрэн тѳрѳѳбүт сирин-уотун кэрэтин, уратытын таба кѳрбѳт, аахайбат буолуон сѳп. Маннык дьон билиҥҥи кэмҥэ киһи хараҕар быраҕыллар гына элбээтэ. Онтон сиэттэрэн, хас биирдии төрөппүт, дьиэ кэргэн, иитээччи, учуутал Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх буолар, төрөөбүт дойдуларын туһугар үлэлиир-хамныыр, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин, дьиэтин-уотун, төрөппүттэрин таптыыр буола улаатар оҕолору иитэн таһаарарга  үлэлэһэбит.
           Проблемата:  Ханнык баҕарар үүнээйи ийэ буортан тардыһан үүнэрин кэриэтэ, киһи быһыыта-майгыта кини төрөөбүт төрүт дьонун, дойдутун хайдах сыаналыырыттан, онуоха хайдах сыһыаннаһарыттан силис тардан тахсар.  Билиҥҥи кэмҥэ  эдэр ыччат аныгы технологияларга аралдьыйан  дойдутун туһугар ыалдьыбат, сүгүрүйбэт, киэҥ туттар дьонун-сэргэтин билбэт буолуута баар суол.
Үлэ сыала:  Саха чулуу дьонун холобуругар олоҕуран, оҕоҕо төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии. Саха сирин бэлиэлэрин биллэрии.
Ис хоһооно: Патриот! Дьиҥнээх патриот диэн кимий? Патриот диэн Ийэ сирин, тѳрѳѳбүт дойдутун таптыыр, ытыктыыр, убаастыыр, тѳрѳѳбүт дойдутун туһугар ыалдьар, бэриниилээх, «дойдубар хайдах туһалыахха» диэн санааны иитэр, ону олоххо киллэрэр киһи.  Биһиги Сахабыт сиригэр патриот дьон, ол курдук улахан государственнай деятеллэр, саха чулуу дьонун туһунан кинигэ суруйар, хоһоон айар, саха сирин туһунан киэҥ эйгэҕэ кэпсиир дьон,  ырыаһыттар, спортсменнар, араас специалистэр о.д.а. тѳрѳѳбут дойдуларын туһугар ыалдьаллар, үлэлииллэр-хамныыллар. Бу барыта биһиги киэҥ туттуубут буолар.
            Оҕо тѳрѳѳбүт дойдутунан киэҥ туттар буоллаҕына, кини ѳйѳ-санаата ыраас, кэрэҕэ тардыһыыта дьулуурдаах, киэҥ туттан кэпсиир дьоҕура сайдар, кѳрүүтэ – билиитэ кэҥиир, бигэ туруктаах, тирэхтээх буолар. Тѳрѳѳбүт дойдутугар истиҥ тапталлаах оҕо бары ѳттүнэн кѳмүскэллээх. Ханна да сырыттар кини элбэх дьон быыһыттан сырдаан, чаҕылыйан кѳстѳр аналланар, дьон – сэргэ биһирэбилин, ытыктабылын ылар кыахтанар, бэйэтин баарын биллэрэр дьоһун киһи буола улаатар.
Саха киһитэ Ийэ дойдутугар таптала дьиэ кэргэниттэн, тѳрѳѳбүт-улааппыт дьиэтиттэн, тиэргэниттэн, оскуолатыттан, нэһилиэгиттэн, улууһуттан республикаҕа диэри кэҥээн иһиэхтээх.
Мин бэйэм  уол оҕолоохпун, алын кылаас сүһүөх учуутала, ону таһынан кылаас салайааччыта буолабын. Хайдах патриотическай тыыннаах оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаарабын диэн сыалтан «Ийэ Дойдуга таптал туохтан саҕаланарый?» диэн темалаах  араас быһыылаах үлэлэри уруоктарбар, кылаас таһынааҕы үлэлэрбэр, оскуола, нэһилиэк, улуус тэрээһиннэригэр киллэрэн туттабын.  Ол курдук  нэһилиэкпит, улууспут, республикабыт киэҥ туттар, холобур оҥостор дьонун олоҕун, үлэтин билии, билиһиннэрии, үөрэтии, сырдатыы үлэм биир көрүҥэ буолар.
Хас биирдии киһи – айылҕа сүдү ураты кѳстүүтэ. Кини хайаатар да дьикти, дириҥ ис ѳрүттээх буолар. Саха народнай суруйааччыта Суорун Омоллоон этэринии: «Кэрэттэн кэрэ диэн, кэрэ кэрэтэ диэн киһи буолуох тустаах».
Биһиги норуоппут боччумнаах историялаах, киэҥ туттар дьонноох-сэргэлээх буолан атын норуоттары кытта биир кэккэҕэ киирсэн сайдар.
            Олоҥхо дойдута Сунтаар улууһуттан силис тардыылаах талааннаах дьоннорунан былыр-былыргыттан аатырар. Ол курдук үөрэх тэрилтэтигэр Алексей Андреевич Иванов-Күндэ, Леонид Андреевич Попов, Илларионов Василий Васильевич, Наталья Михалева –Сайа, Аким Андреевич Кондратьев, Шадринова Ангелина Николаевна –Суоһааны уо.д.а. чулуу дьоммутун кэнчээри ыччакка кэпсиир, сырдатар үлэлэри ыытар сорук бастакынан турар.
Сэрии уонна кураан сылларыгар саха дьоно эстэр – быстар кутталга киирэ сылдьыбыттара, ол эрээри булгуруйбат санаалаах патриот уонна хорсун киhи суос – соҕотох ылыннарыылаах ньыманан – баар чахчыларга сигэнэн Киин Комитет үлэhиттэрин итэҕэтэн, тылын ылыннаран, быыhыыр дьаhаллары ылыннарбыта.
Түмүгэ: Биhиги, икки үйэ кирбиитигэр олорор кэммитигэр, олохпут бары өттүттэн уустугуран иhэр кэмигэр, ааспыт олоҕу анааран, ырытан, туhалаах сүмэтин ылар кэммит кэллэ. Үөрэх үлэhиттэригэр, төрөппүттэргэ кэлбит үйэҕэ туох-ханнык билиилээх, олоххо хайдах бэлэмнээх киhини таhаараҕыт диэн ыйытыы тирээтэ. Ол эбэтэр үтүмэн үйэлэртэн мунньуллан кэлбит оҕону үтүө дьоммут холобурдарыгар, ийэ дойдуга бэриниилээх буолары иитиини  билиҥҥи олоҕу кытта сибээстээн араас көрүҥнээх  үлэлэри ыытар табыгастаах суол. Дьэ, онон кэнчээри ыччаппыт, ытык патриот, киэҥ туттар дьоннорбутун холобур оҥостон  Ийэ дойдубутугар тапталлаах, бэриниилээх буолуохха.
            Оҕо Ийэ дойдутугар бэриниилээх буоларын туһуттан, сахатын тылын билиэхтээх, тылын саппааһын байытыахтаах диэн сыалтан биһиги оскуолабытыгар араас темалаах кылаас чаастара ыытыллаллар.
 
Кылаас чаас сценарийа “Төрөөбүт тылбыт баайа – мин сүрэхпэр”
Учуутал: Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн, туох эрэ саҥаны билээри, истээри, көрөөрү көрүстүбүт. Мин бастаан эһигиттэн ыйытаары гынабын. Биһиги ханнык омуктарбытый?
Оҕолор: Сахаларбыт
Учуутал: Маладьыастар. Тоҕо сахаларбыт дэнэбитий? Биһиги харахпыт хайдах өҥнөөҕүй? Онтон баттахпыт? Ханнык тылынан саҥарабытый? Олус үчүгэй. Аны билигин мин кэннибиттэн саҥарарбын, хамсанарбын үтүктэн иһин.
Учуутал : Мин сахабын (Илиитин түөһүгэр саба туттар.)
                   Мин ийэм, аҕам биэрбит сахам тылынан саҥарарбынан киэн туттабын.
                   Мин ханна да хатыламмат кыһыннаах төрөөбүт Сахам сиринэн киэн туттабын(түннүк диэки илиитин уунар)
                   Мин саха буоларбынан үөрэбин, киэн туттабын.
Учуутал: Көрүҥ эрэ, бу кимий? (оҕолор болҕомтолорун экраҥҥа тардар)
Оҕолор: Биһиги президеммит Айсен Сергеевич Николаев.
Учуутал: Сөп. Ол гынан баран биһиги саха омук буоларбыт быһыытынан, бэйэбит тылбытынан Ил Дархаммыт диэхтээхпит (оҕолор үтүктэллэр)
  • Онтон бу тугуй?
О5олор: Саха сирин гербэтэ.
Учуутал: Маладьыастар, сөпкө эттигит. Ол эрээри биһиги эмиэ герб диэн сахалыы эппэккэ, нууччалыы саҥардыбыт. Биһиги тылбытынан дьаралык дэнэр. Бары хатылыаҕын эрэ, биһиги Сахабыт сирин дьаралыга. (Оҕолор үтүктэллэр.)
Учуутал: маладьыастар. (Россия уонна Саха сирин былааҕын көрдөрөр уонна ыйытар)       Мантан Сахабыт сирин былааҕа ханна турарый? (оҕолор ыйаллар)
  • Сахабыт сирин былааҕа хас өҥнөөх эбитий?
Оҕолор эппиэттэрэ: 4
Учуутал: Сөп. Оҕолоор, Саха Республикатын Судаарыстыбаннай былааҕа 1992 сыл алтынньы 14 күнүгэр бигэргэммитэ. Былаах 4 өҥнөөх, ол курдук от күөх –уйгу быйаҥ, халлаан күөх –ыраас эйэлээх халлааны, кыһыл-олох кэрэтин ойуулуур, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну-бэлиэтииллэр.
  • Оҕолоор, былыр саха барахсан хотонун балаҕанын кытары бииргэ туттар, ыһыырынньык уота олохторун имик-самык сырдатар кэмнэригэр норуот тылынан уус-уран айымнньыта күүскэ сайдан турара. Ырыата-тойуга олох эрэйин үллэстэн, тымныы балаҕаннанарыгар үөрүүнү киллэрэрэ, санньыйар санааларын өрө көтөҕөрө
  • Саха норуотун баай тылынан, мындыр өйүнэн , кэхтибэт санаатынан киэн туттабыт.
  • Билигин биһиги урукку ыар олоҕу ааҕан, истэн билэбит. Сахабыт сирин киэҥ хардыытын, быстыбат быйаҥын, күндэлэс күнүн, күөх сайынын үөрэ ыллыыбыт.
(Саас буолаҕа ырыаны истии)
  • Таабырын таайса оонньуубут дуо ? (оҕолор үөрэ-көтө сөбүлэһэллэр)
Сир анныгар итии болгуо сытар үһү (эһэ)
Икки  таҥараҕа үҥэр, биир дьиэ харбыыр, ол тугуй (Ынах муостата уонна кутуруга) уо.д.а.
  • Биһиги норуоппут сытыы тылын, мындыр өйүн, тыл сүмэтин, кэрэтин чабырҕах толоруутун иһиттэхпитинэ, ордук өйдүүбүт, кэрэхсиибит.
(биир бэлэмнэммит оҕо чабырҕахтыырын истэбит)
Оҕолоор, аны билигин бары илиилэртэн ылсыһан күн эргииринэн оһуохайы оройуттан тутуоҕуҥ (манна биһиги минньигэс астаах  поварбытыттан, оһһуохайдьыт маастарыттан Агафья Васильевнаттан көрдөстүбүт)
-Агафья Васильевнаҕа махтаныаххайын. Оҕолоор, эһиги маннык курдук норуот айымнньыларын илдьэ улааттаххытына, сахабыт норуота сиик курдук симэлийэн сүтүө суоҕа.
- Оҕолорбор истиҥ махтал. Эһиги көмөҕүтүнэн сахабыт тылын сүмэһинин сүрэхпитигэр иҥэрдибит, көрдүбүт, биллибит.
 
 
 
 
 
 
Туһаныллыбыт литература:
1.     Кырдьык уонна карьера. И.З.Кривошапкин, И.П.Егоров; Саха Республиката, Нам; 1995с;
2.     И.Е.Винокуров (Роль личности в развитии республики). Материалы научно-практической конференции; Якутск, 1996г;
3.     Е.Е.Алексеев «Жизнь и деятельность И.Е.Винокурова», Якутск, 1995г;
4.     Иитии кыһата. №3, 2009сыл, от ыйа – бала5ан ыйа, Дьокуускай;
5.     Иитии кыһата. №4, 2010сыл, алтынньы-ахсынньы ый, Дьокуускай;
6.     Г.С.Попова – Санаайа «Киһитийии сэһэнэ», Дьокуускай, Бичик, 2006;
7.     «Эҥсиэли» хаһыат, тохсунньу 25 күнэ, 1996с; Рум Ушницкай ыстатыйата «Бу сырдык мѳссүѳнү ѳссѳ дириҥник чинчийиэххэ».
8.     «Эҥсиэли» хаһыат, 1996с;  И.Кривошапкин, В.Бочкарев ыстатыйалара «Норуокка анаммыт олох».
9.     «Эҥсиэли» хаһыат, тохсунньу 4 күнэ, 1996с; Киэн туттар биир дойдулаахпыт Илья Егорович Винокуров тѳрѳѳбүтэ 100 сыла;
10. «Саха сирэ» хаһыат, 2006с;  И.Кривошапкин ыстатыйата «Салайааччы уонна киһи быһыытынан мѳссүѳнэ».
11. «Кыым» хаһыат, ахсыннььы 9 күнэ, 2010с; Николай Күндүлүн ыстатыйата «Саха саарына, киһи кэрэмэһэ»
Отзывы
Идея создания сайта мне очень понравилась. Данный сайт позволяет организовать дистанционное творческое сотрудничество с другими педагогами и обучающимися. Ещё одно преимущество сайта - то, что задания и конкурсы проводятся на двух языках – русском и якутском. Желаю успехов в работе сайта!
Боярова Людмила Андреевна – заместитель директора по воспитательной работе МОБУ СОШ №12 г. Якутска, Отличник образования РС(Я)
Боярова Людмила Андреевна – заместитель директора по воспитательной работе МОБУ СОШ №12 г. Якутска, Отличник образования РС(Я)
Сайт полезный, познавательный для детей и педагогов. Обращает внимание его практическая направленность. Разделы сайта грамотно подобраны, интересны. Большой выбор олимпиад и конкурсов на якутском и русском языках. Хорошая возможность детям проверить уровень знаний по предметам, а педагогам - обмениваться материалами в альманахе "Я - педагог". Желаю процветания и достижения всех ваших целей!
Григорьева Дария Васильевна - учитель начальных классов, Почётный работник общего образования РФ, г. Нюрба
Григорьева Дария Васильевна - учитель начальных классов, Почётный работник общего образования РФ, г. Нюрба
Сайт дистанционных олимпиад и конкурсов обеспечивает сознательное и активное участие школьников в процессе обучения в школе и полное освоение учебного материала. Здесь организуется творческая работа с педагогами и обучающимися. Желаю удачи во всех начинаниях!
Винокурова Екатерина Ивановна - Кандидат педагогических наук, автор учебных пособий «Культура народов РС(Я)», «Уран тарбах кистэлэҥэ», «Уроки предков» и др.пособий.  Ведущий научный сотрудник ФГБНУ "Институт национальных школ РС(Я)
Винокурова Екатерина Ивановна - Кандидат педагогических наук, автор учебных пособий «Культура народов РС(Я)», «Уран тарбах кистэлэҥэ», «Уроки предков» и др.пособий. Ведущий научный сотрудник ФГБНУ "Институт национальных школ РС(Я)
Ситуация с коронавирусом отрезала нас от мира. Чем вы занимаетесь во время самоизоляции? А я открыла для себя очень полезный, мотивирующий сайт, который предлагает детям попробовать свои силы, знания и умения в различных конкурсах и олимпиадах. Уверена, что и для себя вы найдете там много интересного и увлекательного. Для успешного повышения категории и аттестации педагогов отлично подходит размещение методических материалов в электронном альманахе «Я – педагог». Успехов Вам и Удачи!
Скрябина Ульяна Егоровна - Отличник гражданских инициатив РС (Я), режиссер-сценарист, организатор благотворительных мероприятий, акций концертов, председатель ОО "Многодетная семья Якутии"
Скрябина Ульяна Егоровна - Отличник гражданских инициатив РС (Я), режиссер-сценарист, организатор благотворительных мероприятий, акций концертов, председатель ОО "Многодетная семья Якутии"
Большое спасибо организаторам такого хорошего сайта. С радостью принимаем участие в каждой олимпиаде! Заранее готовимся к олимпиадам, по итогам которых наши дети занимают призовые места, получают красочные дипломы, пополняют свое портфолио. У детей появляется уверенность в своих силах, познавательная активность, высокая мотивация. Очень понравился проект "Электронный альманах", тут есть много полезного, особенно для молодых учителей, которые учатся у своих более опытных коллег, тут богатый материал, учителя щедро делятся своим опытом, за это отдельное спасибо! Ведь все мы были когда-то начинающими педагогами, жаль что в то время не было такого полезного, тщательно продуманного сайта. От имени моих коллег, учеников и их родителей говорю слова благодарности за ваш труд, за желание развивать наших детей и нас учителей!

С уважением, Соловьева Анна Ивановна, учитель начальных классов.
Сейчас, когда идет эра интернета, каждый из нас погружен в эту паутину. И в этой паутине нужны познавательные сайты, где ученик самостоятельно сможет проверить свои знания, силы. Это хоть маленький, но опыт. Участие в дистанционных олимпиадах и занятия в тренажерах придают уверенности ученику. При дополнительной подготовке к олимпиадам повышается уровень знаний, также возможно и вспоминается даже что-то слегка забытое, и если по итогам хороший результат - повышается самооценка школьника. И даже если не очень хороший итог, то он тоже полезен, так как является стимулом укрепить свои знания. Считаю, что ваш сайт этому и способствует. Отрадно, что в сайте можно и педагогам поделиться своим опытом педагогической деятельности. Желаю дальнейшего процветания вашей команде!


Николаева Мария Андреевна – учитель начальных классов МБОУ «Антоновская СОШ им.Н.Н.Чусовского» Нюрбинского района, Отличник образования РС (Я), Почетный работник воспитания и просвещения РФ.
Оксана Аммосовна, наһаа үчүгэйдик тыырыллан, тэриллэн оҥоһуллубут олус интэриэһинэй сорудахтаах олимпиадаҕыт түмүгэ тахсыбытынан эҕэрдэлиибин уонна улахан махталбын биллэрэбин.
Биһиги кылаас оруобуна үөрэх дьылын түмүктүүр тэрээһинигэр түбэспитэ олус үчүгэй бэлэх буолар буолла.
Сыралаах үлэҕит өссө таһаарыылаах, өссө элбэх кыттааччылаах буоллун! Сайын кэлбитинэн, күөххэ үктэммиппитинэн!
Бары үтүөнү баҕарабын!🙋🏼‍♀️🥰🙌🏻🙏🏻🙏🏻🙏🏻
Поскачина Валентина Семеновна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №39" ГО "Город Якутск"
Поскачина Валентина Семеновна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №39" ГО "Город Якутск"
Ваш сайт - незаменимый помощник на уроках, при подготовке к олимпиаде. Для ребят все конкурсы, олимпиады - отличная умственная тренировка и соревнование! Планируем и в дальнейшем принимать участие. Спасибо вам большое!
Алексеева Евдокия Николаевна - учитель начальных классов Нюрбинской СОШ №1, Отличник образования РС(Я)
Алексеева Евдокия Николаевна - учитель начальных классов Нюрбинской СОШ №1, Отличник образования РС(Я)
Олимпиадаҕа кыттан астынныбыт, миэстэлэһэн үөрүүбүт улахан. Махтал тэрийээччилэргэ!

Соломонова Вера Семеновна учитель начальных классов МБОУ "Оленекская СОШ имени Х.М. Николаева"
Выражаю огромную благодарность организаторам сайта. С радостью принимаем
участие в каждой олимпиаде! Желаю дальнейших успехов!

Саха политехнический лицей.
Петрова Вера Панфиловна, учитель начальных классов.
Здравствуйте! Спасибо большое за дипломы. Дети очень рады. Желаем вам здоровья, дальнейших успехов в работе!

Слепцова Мария Ильинична, учитель начальных классов, с. Хонуу Момского района
Здравствуйте! Благодаря вашему тренажёру мой сын за несколько дней выучил всю таблицу умножения. Теперь будем учить словарные слова.

Мама Артёма Иванова Мари, г. Якутск
Здравствуйте, уважаемые организаторы семейной олимпиады по английскому языку.
Рады принять участие в республиканской семейной олимпиаде по страноведению. Получила положительные отзывы от родителей и учеников об олимпиаде.

С уважением,
Зинаида Шестакова
Добрый день! Спасибо организаторам за проведение дистанционных олимпиад во время дистанционного обучения! Очень рады, что наша дочка участвовала и заняла 1 место. Вам процветания, успехов!


Анастасия Бурнашёва – родитель.
Очень хорошие олимпиады. Задания соответствуют возрасту ребенка. В такое время, когда все сидим на самоизоляции, такие олимпиады очень нужны.

Бурнашева Галина Федосеевна - учитель начальных классов МОБУ "СОШ №38" г. Якутска
Дорооболоруҥ! Бу сайт олус интэриэһинэй, араас конкурстар, олимпиадалар тахсаллар. Мин оҕолорбун астына кытыннарабын. Инникитин куруук бииргэ буолуохпут. Улахан махталбын тириэрдэбин, сайда-үүнэ туруҥ!

Ульяна Николаевна Колесова, алын кылаас учуутала, А. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата
Здравствуйте, уважаемые организаторы олимпиады!
Спасибо большое за ваш труд и вклад в развитие наших детей!
Вопросы были очень интересные и познавательные.

Успехов вам!
Всего вам доброго,
С уважением, Марианна Вивиерс, родитель.
Здравствуйте!
Спасибо огромное за проведение олимпиады и своевременную рассылку дипломов!


С ув. Матильда Портнягина, учитель начальных классов, г. Якутск
Спасибо огромное за олимпиаду и за красочно оформленные дипломы

С уважением, Екатерина Парникова, МБОУ "Мюрюнская СОШ №1 им. Г.В.Егорова", Усть-Алданский улус (район)
Здравствуйте! Спасибо большое за интересные и полезные задания. Желаем дальнейших успехов и будем рады сотрудничеству.

С уважением, Зинаида Артёмовна Ядреева, учитель начальных классов, Намский район.
Спасибо, очень рада нашему сотрудничеству!

Васильева Матрёна Иннокентьевна, учитель начальных классов, Сунтарский улус
Какой успех! Какая радость! Спасибо большое за олимпиаду, мы очень рады! 🥰🌹👏👍
Кириллина Мария Михайловна, учитель начальных классов, с. Дикимдя, Горный улус
Выражаем огромную благодарность за Ваш труд, спасибо!

С уважением коллектив 4 класса МБОУ Сасыльская СОШ

Все материалы, находящиеся на сайте, охраняются в соответствии с законодательством, в том числе, об авторском праве и смежных правах

Адрес:
1-4olimpiada.ykt@mail.ru