Попова Инга Викторовна
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун
Ороссолуода орто оскуолатын
алын сүһүөҕүн учуутала
Сыала: Оҕо ааҕар дьоҕурун , таьымын дэгиттэр дьайыылар нөҥүө кэтээн көрүү.
Соруктар: Алын кылаас үөрэнээччитин ааҕар таһымын үрдэтэргэ cөптөөх үлэни тэрийии.
Ааҕыыга дэгиттэр үөрүйэхтэр туруктарын кэтээн көрүү, сайыннарар суолу тобулуу.
Тоҕоостоох өрүтэ: Үөрэх тиһигэр ааҕыы оруола улахан оруолу ылар. Ыытыллар тургутуктар, оҕо билиитин бэрэбиэркэлиир араас үлэлэр /ВПР, ОГЭ, ЕГЭ/ барыта ааҕыы таһымыттан улахан тутулуктаах.
Оҕо аахпат , ааҕыы сатабылларын инэриммэтэх буоллаҕына, салгыы сайдар суола , кыаҕа да кыра буолара саарбаҕа суох. Маны таһынан билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ туттар малларбыт «өҥөлөрө» улахан миэстэни ылан, ааҕыыга эмиэ харгыһы үэскэтэллэр.
Ол иһин, бу проект билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолар, суолталанар кэмэ кэллэ.
Проект уратыта: 1.Бу үлэҕэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор кытталлар.
2. Ааҕыы таһымын үэрэтэргэ оҕо билиэн – көрүөн баҕатын уонна бэйэни салайынар, дьаһанар дьайыыларын көрүү, тэҥнээһин үлэтин тэрийии.
Проект ыытыллар кэмэ:
-
Сылыктааһын – сэтинньи ый 2020 сыл.
-
Торумнааһын - сыл устата.
-
Анаарыы - сыл бүтүүтэ.
Туттуллар ньымалара: куйаар ситиминэн араас платформалар, бэсиэдэлэр, тургутуктар, кэтээн көрүүлэр, тэҥнээһиннэр, ырытыы, түмүктээһиннэр.
Кытталлар: алын кылаас учууталлара, төрөппүттэр, баспытааталлар, оскуола , нэһилиэк библиотекатын үлэһиттэрэ.
Ааҕыы таһымын кэтээн көрүүгэ үөрэх дэгиттэр дьайыылара.
№
|
Бэйэни дьаһанар, салайынар дьайыы.
/регулятивнай/
|
Билиини көрүүнү ылар дьайыы.
/познавательнай/
|
|
Сабаҕалааһын
чопчулааһын
|
сөпкө ааҕыы
ырытыы
кэпсээһин
талыы
дакаастааһын
|
Оҕо ааҕар кыаҕын тургутарга туттуллар критерийдэр.
1Ааҕар ньымата: сүһүөҕүнэн –
1-2 кылаастар -3б
3-4 кылаастарга – 1-2 б
Сыалай тылынан
1-2 кыл.- 4б
3-4 кыл – 4б
Сыалай этиинэн ааг 5б.
2Тэтимэ: тургэн – 5б
Орто - 3б
Бытаан - 1 кыл – 3 -4б
2 кыл – 2 -3б
3-4 кыл –1 - 2б.
3.Аа5ар дьогура: сыыьата суох - 5б
1-3 диэри сыыьа – 3б
Онтон элбэх - 2б
Өйдөөн ааҕыыта – 5б
Сурук бэлиэтин тутуһан ааҕыыта –5б
Мөлтөх – 1 – 2 б
-
Аахпыты өйдөөһүн таһыма:
Толору өйддөөн, кэпсиир – 5б
Боппуруос көмөтүнэн – 3б
Кыайан кэпсээбэт – 0 -1 б
Ылыллыахтаах тумук: Алын кылаас үөрэнээччитин ааҕар таһымын сөптөөх кэрдиискэ таһаарарга оҕо тус бэйэтин сайдыыта оруоллааҕын тутуһан, проект сыалын – соругун тутуһан , үлэни систиэмэлээхтик тэрийдэххэ , ситиһии кэлэрэ саарбаҕа суох.
Усулуобуйаны тэринии:
-
Эппиэттэх учууталлар – бары алын кылаас учууталлара.
-
Сөптөөх ааҕар кинигэлэри, тиэкистэри булуу, мунньуу – учууталлар, библиотекарддар.
-
Ыйга биирдэ бэрэбиэркэлиир үлэни ыытыы – ННН, ТАИ.