„Дьокуускай куорат“
куораттаа5ы уокурук
12№-дээх уопсай уерэх
орто оскуолатын
алын кылаас учуутала
Ульяна Павловна Крылова
Уруок: Литература аа5ыыта
Оскуола: „Дьокуускай куорат“ куораттаа5ы уокругун 12№-дээх уопсай уерэх орто оскуолата
Кылаас: 2 «б»
Учуутал: Крылова У. П.
Уруок темата: Үһүс «Тоҕо?» Амма Аччыгыйа
Уруок тиибэ: Саҥа теманы арыйыы.
Учуутал сыала: О5олору кытта “Үһүс «Тоҕо?»”Амма Аччыгыйын кэпсээнин кытта билиһиннэрии
Уруок тумуктэрэ:
Уэрэтэр соруктар: Кэпсээн ис хоһоонун, санаатын оҕолорго тириэрдии, ааҕарга бэлэм буолууну сэһэргэһии.
Дэгиттэр уөрэнэр уөруйэхтэри ситиһии: оҕо бэйэтин дьоҕурун сайыннарыы саҥа тиэмэҕэ болҕомтолорун ууруу, элбэҕи билэ сатыыр, бэйэтин санаатын арыйыы, интэриэһин сайыннарыы.
Сатабылы иҥэрии: Болҕойон истэр дьоҕурун сайыннарыы; кэпсээн сүрүн ис хоһоонун кылгастык этэ үөрэнии.
Тус бэйэ уөруйэхтэрэ: Бэйэ дьоҕурун туһунан билиини ыларга дьулуһуу, болҕомтолоохтук ааҕыы, бэйэ санааны этии.
Бэйэни салайынар уөруйэхтэр: О5о бэйэтэ ааҕан тылын сайыннарар. Бүгүҥҥү уруокка сыалын-соругун сөпкө туруорар.
Бодуруһар уөруйэхтэр: Уөрэнээччи уруокка санаатын этэригэр уөрэтии, ыйыыталарга чопчу сөпкө эппиэттииргэ кэпсэтии сиэрин сөпкө тутуһарга үөрэнэллэр.
Сана эйдэбулу (дьайыы ньыматын) арыйыы уруога
Уруок түһүмэхтэрэ
|
Уруок түһүмэхтэрин үөрэтэр соруктара
|
Учуутал дьайыыта
|
Үөрэнээччи дьайыыта
|
Үлэни тэрийии көрүҥнэрэ
|
Былааннаммыт түмүктэр
|
1. Тэрээьин чааhа
|
Билсиһии, уруокка бэлэм буолуу.
|
Бары турдубут, уоскуйдубут. Уруокка бэлэмҥит да? Уруокпутун саҕалыахха.
|
Үтүө күнүнэн. Уруокка бэлэммит.
|
Уопсай улэ.
|
Оҕолор тэрээһин чааһын түмүгунэн уруокка бэлэм буоллулар.
|
2. Уэрэнэр соругу туруоруу
2.1 О5олор билэллэрин кордороллоругэр уэрэнэр тугэн
|
Ааспыт тиэмэни хатылааһын.
|
Оҕолор, ааспыттааҥҥы тиэмэбитин хатылыаххайын эрэ.
Биһиги ааспыт уруокка ханнык тиэмэни барбыккытый? Төһө өйдөөбүккүтүн миэхэ этин эрэ. Маладьыастар!
Ким кэпсиэ5эй миэхэ?
|
Оҕолор ааспыт уруокка барбыттарын хатылыыллар.
|
Уопсай үлэ.
|
Атын киьи саҥарарын болҕойон истэр, бэйэтин санаатын толору этэр; ыйытыыга толору хоруйдуур.
|
2.2 О5олору билбэттэригэр (уэрэнэр сорукка) таhаарар тугэн
Сорудах:
|
Уруок тиэмэтигэр киирээһин.
|
Амма Аччыгыйа диэн суруйааччыны билэҕит дуо? Бары саха литературатыгар икки кэпсээнин аахпыккыт, ханныктарый? Маладьыаста! Ол аата биһиги бугун тугу барыахпытый?
|
Боппуруоска эппиэттии сатыыллар
|
Уопсай үлэ.
|
Предмети үөрэтии түмүгэ (предметный результат)
Тылы сөпкө сүһүөҕунэн араарарга үөрэтии.
|
2.3 Уэрэнэр соругу таhаарыы
|
Уруок тиэмэтин туруорууга үлэ.
|
Сөпкө этэҕит, оҕолор. Биһиги бугун Амма Аччыгыйын Үһүс «Тоҕо?» кэпсээнин аа5ыахпыт.
|
Бүгүҥҥү тиэмэ аатын, сыалын таһаараллар.
|
Уопсай үлэ.
|
Уруок соругун уонна сыалын сатаан туруоруу.
|
3. Уэрэнэр соругу
толоруу
3.1 Сана ойдобулу (дьайыы ньыматын) арыйыы
|
Эрчиллии көмөтүнэн бүгүҥҥү тиэмэни быһаарыы.
|
Амма Аччыгыйа (Мординов Николай Егорович) (06.01.1906—14.11.1994) — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһугар 1934 с. киирбитэ. 1906 сыл тохсунньу 6 күнүгэр Боотур Уус улууһугар улууска (Тааттаҕа) дьадаҥы Дьөгүөрдээн Мординов (Мундунов) ыалыгар төрөөбүтэ.
Чэ эрэ бары бэлэмнэнэбит, биир биир аа5абыт, бары сирдиибит.
Чэ эрэ о5олор бастакы кэрчиккэ туох туһунан кэпсэнэрий? Иккис?...
|
Болҕойон истэллэр.
|
Оҕо сүһүөх хайдах арахсарын уонна сүһүөх арааһын билиэхтээх.
|
|
Сыаналаныы
1.О5олор бэйэлэрин эйдэбуллэрин сыаналаныылара
|
Уруогу түмүктээһин. Бүгүҥҥү барбыт тиэмэ туһунан ыйыт
|
Уруокпутун түмүктүөххэ. Бүгүн биһиги ханнык тиэмэни бардыбытый?
Уруокпут түмүктэнэр, көрсүөххэ диэри!
|
Боппуруостарга эппиэттииллэр.
|
Личностнай
Тыл сүһүөҕүн туттуу саҥарар саҥаны байытарын өйдөөһүн.
|