САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН ОСКУОЛАЛАРЫГАР ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫН ҮӨРЭТЭР АЛЫН СҮҺҮӨХ ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭРИН ИККИ АРДЫЛАРЫГАР ЫЫТЫЛЛАР САХА ТЫЛЫН ОЛИМПИАДАТЫН БАЛАҺЫАННЬАТА
1. Уопсай балаһыанньа
1.1. Саха тылын Олимпиадатын "IQ-Школа" эбии үөрэхтээһин киинэ (салгыы Киин) тэрийэн ыытар. Олимпиаданы тэрийэр комитет председателинэн бу Киин салайааччыта буолар.
1.2. Олимпиада кыттааччылара – Саха Өрөспүүбүлүкэтин оскуолаларыгар саха тылын үөрэтэр алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ.
1.3. Бу балаһыанньа Олимпиаданы ыытыы, кытыннарыы бэрээдэгин, кыттааччы кыайыылаах уонна бириистээх миэстэлэргэ тиксиитин быһаарар.
2. Олимпиада сыала уонна соруктара
2.1. Олимпиада сүрүн сыала - үөрэнээччи төрөөбүт тылын билиитин, сатабылын тургутан көрүү уонна тылга интэриэһин сайыннарыы.
2.2. Олимпиада соруктара:
2.2.1. Саха тылын үөрэтиигэ интэриэһи үөскэтии, оҕо билиитин тургутан көрүү;
2.2.2. Дэгиттэр дьоҕурдаах үөрэнээччилэргэ сайдар эйгэни тэрийии;
2.2.3. Оҕолору төрөөбүт тылларын дириҥэтэн үөрэтиигэ көҕүлээһин;
2.2.4. Саха оҕотун өй-санаа өттүнэн сайыннарыыга усулуобуйа тэрийии.
3. Олимпиада тэрээһинэ
3.1. Олимпиаданы тэрийэн ыытыыга эппиэттиир Дьүүллүүр сүбэ тэриллэр. Дьүүллүүр сүбэ салайааччыта – “IQ-Школа” киин Дьүүллүүр сүбэтин кыттыылааҕа.
3.2. Олимпиада сорудахтарын Россия үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин туйгуна, "Учитель столицы", "Знак признания заслуг Якутского городского собрания" бочуоттаах ааттар хаһаайыннара, Педагогическай үлэ ветерана, үрдүк категорялаах учуутал Попова А.В. алын кылаас үөрэнээчилэригэр аналлаах бырагырааммаҕа олоҕураллар уонна oҕo дэгиттэр дьоҕурун, сайдыытын учуоттаан оҥордо. Олимпиада сорудахтарын оҥорууга Дьүүллүүр сүбэ кыттыыны ылла.
3.3 Дьүүллүүр сүбэ Олимпиада буолар кэмин быһаарар, ыытыллар бэрээдэгин олохтуур.
3.4. Олимпиада төлөбүрдээх – хас биирдии кыттааччы 150 солкуобай усунуос төлүүр, ону 1-4distolimpiada.ru сайт нөҥүө төлүөххэ сөп.
3.5. Сайт бары тэрээһиннэрин ыытар бэрээдэги 1-4distolimpiada.ru сайтка “Порядок участия” диэн страницаҕа билсиэххитин сөп.
3.6. Олимпиада сахалыы тылынан ыытыллар.
4. Олимпиада буолар сирэ уонна кэмэ.
4.1. Олимпиада 1-4distolimpiada.ru сайт нөҥүө ыытыллар.
4.1. Олимпиада буолар кэмин 1-4distolimpiada.ru сайт Сүрүн страницатыгар көрүҥ.
5. Олимпиада Дьүүллүүр сүбэтэ
5.1. Олимпиаданы тэрийэн ыытыыга эппиэттиир Дьүүллүүр сүбэ тэриллэр. Дьүүллүүр сүбэ салайааччыта – “IQ-Школа” киин Дьүүллүүр сүбэтин кыттыылааҕа.
5.2. Дьүүллүүр сүбэ салайааччыта бу Сүбэҕэ үлэлэһэр дьонун бэйэтэ талар бырааптаах. Бу сүбэҕэ Өрөспүүбүлүкэ саха тылынан үөрэтэр оскуолаларын учууталлара, ону таһынан, атын тэрилтэттэн саха тылын үөрэтиигэ сыһыаннаах идэтийбит үлэһиттэр киириэхтэрин сөп.
5.3. Олимпиада сорудахтарын Дьүүллүүр сүбэ оҥорор, бу сорудахтар алын кылаас үөрэнээчилэригэр аналлаах бырагырааммаҕа олоҕураллар уонна oҕo дэгиттэр дьоҕурун, сайдыытын учуоттууллар.
5.4. Дьүүллүүр сүбэ Олимпиада буолар кэмин быһаарар, ыытыллар бэрээдэгин олохтуур.
5.5. Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар үлэлэрин бэрэбиэркэлиир, бириистээх миэстэни быһаарар.
6. Олимпиада түмүгүн таһаарыы, наҕараадалааһын бэрээдэгэ
6.1. Оҕолор Олимпиада сорудахтарыгар эппиэттээбиттэрин, тэрийэн ыытар киһи боротокуолга киллэрэн иһэр, ол боротокуол, Олимпиада барар кэмин куоттарбакка, боротокуорл үөһэ өттүгэр ыйыллыбыт е-аадырыска ыытыллыахтаах.
6.2. Дьүүллүүр сүбэ, кыттааччы ылбыт баалын барытын сууммалаан, Олимпиада кыайыылаахтарын быһаарар.
6.3. Олимпиада кыайыылааҕа 1 үрдэл Дипломунан наҕараадаланар. Бириистээх миэстэҕэ тиксибит оҕолор 2-с, 3-с үрдэл дипломнарынан наҕараадаланаллар, уоннааҕы кыттааччылар Туоһу сурук туталлар.
6.4. Олимпиада кыайыылааҕын уонна бириистээх миэстэҕэ тиксибит оҕону бэлэмнээбит учуутал Дипломунан наҕараадаланар.
6.5. Олимпиада боротокуола, сайт Сүрүн страницатыгар ыйыллыбыт кэм устата бэрэбиэркэлэнэр, онтон бириистээх миэстэ быһаарыллар.
6.6 Тэрийэр комитет кыттыбыт оҕо наҕараадатын, бэрэбиэркэ бүтэн түмүк таҕыстаҕына, боротокуолга ыйыллыбыт е-аадырыска ыытар.
Сайаапканы биэрэргэ маны баттаа